Ыарахан сыаналаах сайыннары массыына сылдьар таас суолун тутуутугар нэһилиэнньэттэн харчы хомуйан тутуу туһунан былаас ханнык да таһымыгар кэпсэтии суоҕун Хайыр бөһүөлэгин олохтоохторо өйдүөх тустаахтар. Ол гынан биир өттүнэн ырытан көрдөххө, бу сайыҥҥы суол Хайыр сэлиэнньэтин олохтоохторуттан ураты кимҥэ да наадата суох.
Өссө 1912 сыллааҕы быыбарга мин “Ким суол тутуутун түргэтэтиэн баҕалаах — Борис Борисович туһатыгар куоластааҥ”, — диэн ыҥырыы-былакаат автора буолабын.
Мин баҕа санаам — “Омолой суоллара” НКО суотугар суолу тутууга бастатан туран бырайыактыыр симиэтэтин докумуоннарын, суол ааһар сирдэрин докумуоннарын оҥоруу буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыраанспарын уонна суолун-ииһин миниистирэ Владимир Сивцевы тус бэйэтин кытта көрсүһүүгэ кини миэхэ туһаайан ити үөһээ ахтыллыбыт докумуоннар оҥоһуллубут буоллахтарына суолу тутуу үлэтэ саҕаланыан сөп диэбитэ.
Ол курдук мин өр сылларга араас салайар үлэлэргэ эриллибит-үлэлээбит буоламмын бу суолу тутуу боппуруоһа арктическай тус сыаллаах региональнай программаларга киириэхтээх дии саныыбын. Бары билэрбит курдук, Омолой нэһилиэгэ Усуйаана оройуонун сиригэр-уотугар баарынан Арктическай зонаҕа киирсэр.
Урукку сэбиэскэй туругуран турбут кэмиттэн саҕалаан Омолой нэһилиэгин сиригэр кыһыл көмүс састааптаах айылҕа баайа хостонор. 40-тан тахса сыллар тухары Хайыр сэлиэнньэтиттэн чугас “Куларзолото” ГОК үлэлээбитэ, ити уһун сылларга триллион солкуобайтан тахса сыаналаах кыһыл көмүс хостоммута. Кыралыйар кырдьыгы эттэххэ, ити сиртэн хостоммут баай-дуол суотугар Омолой нэһилиэгин олохтоохторугар туһалыыр хас да суолу тутуохха сөп этэ.
Билиҥҥи кэмҥэ Хайыр сэлиэнньэтэ сыыйа улаатар-сайдар, олорор дьоно ахсаан өттүнэн эбиллэр, социальнай объектар тутуулара ыытыллар (оскуола, ыччат мустар Киинэ). Дьон биир сиргэ хамсаабакка төрөөбүт, улааппыт нэһилиэктэригэр олорууларын, үлэлииллэрин хааччыйыыга үрдүк хаачыстыбалаах төгүрүк сыл үлэлиир массыына суолун тутуохха наада. Атомынан үлэлиир электростанция тутуута — Усуйаана сирин уһун сылларга сайдыытын хааччыйыы буолар.
“Омолой суоллара” НКО үлэтэ сайдан бардаҕына, оннук буоларыгар мин мунаахсыйбаппын даҕаны, “Силээннээх суоллара” НКО-ны тэрийии эмиэ кыаллар. “Янзолото” салалтатынан чахчы улууска үлэлиир толкуйдаах Усуйаана айылҕатын баайынан туһанааччылар бэл 2025 сылтан суолу тутуу үлэтин саҕалыахтарын сөп.
Историческай ыспыраапка: Билигин 18 тыһыынчанан ааҕыллар Кулаар олохтоохторуттан сүүрбэччэ киһи быраҕыллыбыт Севернэй бөһүөлэгэр хааллылар. Онтон бу кэмҥэ Хайыр сэлиэнньэтин олохтоохторун ахсаана икки төгүл улаатта.
Промышленность, тыа хаһаайыстыбата уонна социальнай объектар Арктика сиригэр-уотугар биир кэлим сайдыылара – бу киэҥ Россия ыраах сытар хоту сиргэ стратегическай политиката буолар. Ким Арктика сирин-уотун бас билэр — ол Аан дойдуну баһылыа!
Иннокентий Никулин, «Омолой суоллара»
НКО директора
Ахтылҕан
Ахтылҕан ааспат ырыата
Ыллыыр мин дууһабар,
Күүтэр миигин көрсүһүү
Төрөөбүт төрүт сирбэр.
Хотуттан тыал үрдэҕинэ
Тымныы сибиэһэй салгына
Уоскутар сүрэхпин, дууһабын,
Тулуй диэн сапсыйар
Сотору тиийиэҥ, көрсүһүөҥ
Киэҥ-нэлэмэн туундараҕын,
Чыпчаал үрдүк хайаларгын
Кэрэ-дьикти айылҕаҕын.
Киэҥ-халыҥ аймахтарыҥ,
Бииргэ үөскээбит доҕотторуҥ,
Хотугу чулуу дьонноруҥ,
Чахчы эрэллээх доҕотторуҥ.
Көрсүһүү
Дорообо, хотугу мин дойдум,
Долгуйан тураммын ыллыыбын,
Көрсүһүү үөрүүтүн үллэстэн
Кэлэммин уоскуйда сүрэҕим.
Толору тыынабын түөспүнэн
Тапталлаах хотугу салгыммын,
Үрдүк хайалар арыаллаан
Уһун мин суолум айана.
Айаным суолун арыаллыыр
Айылҕа дьикти кэрэ көстүүтэ,
Киэҥ далааһыннаах өрүстэр,
Күлүмүрдэс уулаах үрүйэлэр.
Чондон үрэх тардыыта
Чахчы кэрэ көстүүлээх,
Улуу Дьааҥы өрүспүтүн
Үөрэ-көтө көрүстүм.
Үрүҥ көмүстүү күлүмүрдээбит
Уйгуну-быйаҥы, баайбытын –
Аан дойдуга аатырар
балыкпытын
Арчылыаҕыҥ, харыстыаҕыҥ,
доҕоттор!
Иннокентий Никулин – Омолой