Сэтинньи 25 күнүгэр Хаһааччыйа орто оскуолатыгар «Оһуордаах Олоҥхо дойдута» тэрээһин үрдүк таһымнаахтык, киэҥ далааһыннаахтык ааста. Олоҥхо алыптаах күнүн саха тылын уонна литературатын учуутала – Аллагужина Виктория Геннадиевна тэрийэн, салайан ыытта. Бу күн бары сахалыы мааны таҥастарын, симэхтэрин киэн туттан кэттилэр.
Кэрэ күнү айхаллаан оскуола директора Окорокова Маргарита Степановна эҕэрдэтин эттэ, алгыс тылынан арчылаата. Маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрэ мичилийэ мичээрдээн «Оһуор-ойуу» үҥкүүлэрин бэлэхтээн, дьон-сэргэ кутун туттулар, үөрүүнү түстээтилэр. Төрдүс кылаас кэрэ кыргыттара «Сардаана» үҥкүүлэрин бэлэх ууннулар, олоҥхо кэрэ эйгэтигэр ыалдьыттата ыҥырдылар.
Учууталлары, төрөппүттэри уонна оҕолору түмэргэ, түһүлгэни киэргэтиигэ иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Слепцова Любовь Валерьевна көмөлөстө. Хас биирдии кылаас түһүлгэлэрин киэргэтэн, олоҥхо кэрэ эйгэтин төрүттээтилэр. Уран тарбахтарынан оҥорбут сахалыы оҥоһуктарын көрдөрөн быыстапкаҕа кытыннылар. Араас сувенирдар, оһуордаах кылабачыгас симэхтэр, оҕуруо киэргэллэр, харысхаллар уонна да атын оҥоһуктар талыы-талба талааннары арыйан сөхтөрдүлэр. Төрөппүттэр минньигэс ас эгэлгэтин сандалы остуолларыгар тэлгэтэн, дьаарбаҥканы тэрийдилэр. Олоҥхо кэрэ күнэ олохтонон бары олус диэн үөрдүлэр.
Саамай үөрүүлээх, долгутуулаах, киһи сөҕөр-махтайар түгэнинэн — оһуохай буолла. Үтүө күнү уруйдаан, оһуохайы чуор куолаһынан ыллаата музыка учуутала Дмитрьев Николай Петрович. Учууталлар, төрөппүттэр уонна оҕолор илии илиилэриттэн тутуһан, үөрэн-көтөн оһуохайдаан дьиэрэттилэр.
Оҕолорго анаан организатор Аммосов Уйгулан Нюргустанович «Өбүгэлэрбит оонньуулара» күрэхтэһиини ыытта. Мас тардыһыы, ыстаныы курдук күрэхтэргэ күүстэрин холоннулар, сатабылларын көрдөрдүлэр. Ол курдук, кыайыылаахтарынан буоллулар: 3 – 4 кылаастарга — Томский Евгений — 4 кылаас, Петров Аким — 4 кылаас, Мыреев Даниил — 4 кылаас. 5 – 6 кылаастарга: Зедгенизов Артем – 5 кылаас, Протодьяконов Иннокентий – 5 кылаас, Готовцев Анатолий – 6 А кылаас. 7 – 9 кылаастарга: Стручков Константин – 9 кылаас, Барабанский Саян — 8 кылаас, Горохов Ефрем – 9 кылаас. 10 – 11 кылаастарга: Хабаров Эрхан – 11 кылаас, Слепцов Семен – 11 кылаас, Протодьяконов Эрхан – 10 кылаас. Кыргыттар уолаттар тэҥэ эмиэ мас тардыһан күрэххэ кыттан ситиһиилэннилэр: Слепцова Кира – 9 кылаас, Мыреева Диана – 7 кылаас, Хантагарова Жанна – 9 кылаас. Кыайыылаахтарга, бастыҥ күрэхтэһээччилэргэ грамота туттардылар.
«Оһуордаах Олоҥхо дойдута» тэрээһин ити курдук көхтөөхтүк ааста. Оҕолор өбүгэлэрин үгэстэрин, дьарыктарын, сиэрдэрин-туомнарын туһунан билиилэрэ хаҥаата. Маннык кэрэ күн дьон-сэргэ, кэнчээри ыччат сүрэҕин үөрдэн алгыстаах ситиһиилэргэ сирдээтэ. Хас биирдии кылааска хайҕабыл туоһу сурук бэрилиннэ.
Олоҥхо күнүгэр кыттыбыт күндү учууталларга, төрөппүттэргэ уонна үөрэнээччилэргэ барҕа махтал! Үрдүктэн үрдүк ситиһиини, үөрүүнү-кэрэни, үтүөнү!
Виктория Аллагужина, саха тылын уонна литературатын учуутала