“Оҕолоргутун үчүгэйгэ, үтүөҕэ үөрэтэ сылдьаргытыгар махтал буоллун!”

В Якутии проект обезвреживания отходов охватит все арктические районы

Саха сирин сайына — кэрэ кэмэ үксүтэ кыстыкка бэлэмнэнии үлэтигэр ананар. Ордук биһиэхэ, хоту сиргэ кылгас кэм иһигэр тыа сирин олохтоохторо уһун кыһыны этэҥҥэ аһардаары оттоон, от-мас бэлэмнээн, дьиэ-уот ис-тас үлэтин барытын оҥоро-оһоро охсоору, олоччу бэлэм буолаары ыксыыллара биллэр.

Оннук ыксаллаах, ыгым бириэмэҕэ, күүстээх үлэҕэ дьонтон кыра да көмө баар буоллаҕына улахан үөрүү буолар.  Хаһааччыйа нэһилиэгин олохтооҕо, өр сылларга  оскуолаҕа, интернакка учууталлаабыт, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Горохов Валерий Васильевич биһигини кытта үллэһиннэ, махтал тылларын тиэртэ:

“Мин ыаллыы олорор оҕолорум, икки Васялар: Ребров Вася 4 кылааһы бүтэрэн 5 кылааска таҕыста,  иккис Вася 3 кылаас үөрэнээччитэ  уонна Аммосов Вова — бу уолаттар эрбии улаатан эрэллэр. Сүрдээх сэмэй, көрсүө уолаттар.

Сайын  Васялар иллэҥ кэмнэригэр миэхэ көмөлөстүлэр, от үлэтигэр,  мас кыстаатылар. Өссө кыһын сүүрэн кэлэннэр көмөлөһөллөрүн бэлиэтии көрбүтүм.

Билигин ыал оҕотун үлэлэтэр бобуулаах, ол иһин кыбыстан да ыларым күүстэринэн көмөлөһөллөрүттэн. Ону маннык диэн хоруйдаабыттара: «Дьоммут кырдьаҕастарга көмөлөһөр буолуҥ диэбиттэрэ». Ол  аата төрөппүттэрин этэллэр «дьоммут» диэн.

Онтон дьонтон иһиттэхпинэ  миэхэ эрэ көмөлөспөттөр эбиттэр,  кырдьаҕас-кыаммат дьоҥҥо барыларыгар сылдьан эрэ көмөлөһөллөр эбит. Ону истэммин үөрэн уйадыйан ыллым. Дьоҥҥо барыларыгар көмөлөһө сатыылларыттан үлэттэн толлубат, ааһа барбат оҕолор эбиттэр диэн хайҕаатым.

Кэнники истибитим үөрэхпит билимигэр, оскуолаҕа, үлэ уруогун сотон кэбиспиттэриттэн эмиэ да соһуйан,  эмиэ да бэркиһээн кэбистим. Хайдах  оҕо сайдыахтаах предметин суох гыммыттарын киһи өйдөөбөт. Былыргы кэмҥэ бэйэҕит өйдүүр буолуохтааххыт -тимуровскай хамсааһыннар, кырдьаҕастарга-кыамматтарга көмө оҥоһуллара, труд уруоктарыгар элбэх сатабылга үөрэтэллэрэ үүнэр көлүөнэ иитиитигэр олус туһалаах буолара.  Бэйэм идэбинэн труд учуутала этим буоллаҕа дии. Оскуолабытыгар үлэ уруога төннөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпын (ред.: быйылгыттан бу предмет төнүннэ). Оччоҕо бу оҕолору ким үөрэттэ  үлэни таптыырга? Биллэн турар, дьонноро,  эһээлэрэ-эбээлэрэ,  ийэлэрэ-аҕалара. Кинилэргэ улахан махтал буоллун.

Биир Вася ийэтэ — Реброва Виктория, аҕата Ребров Константин. Иккис Вася төрөппүттэрэ — Сыроватская Евдокия,  аҕата Юрий,  коммунальнай хаһаайыстыба төһүү үлэһитэ.

Махтал буоллун эһиэхэ  оҕолоргутун үчүгэйгэ,  үтүөҕэ үөрэтэ сылдьаргытыгар. Кытаанах доруобуйаны,  үлэлэригэр ситиһиилэри. Бэйэм сосед уолаттарбынан киэн туттабын. Солбуйар үтүө санаалаах дьон үүнэн,  чочуллан тахсан эрэллэриттэн үөрэбит эрэ. Дьоллоох дьон буола улааттыннар диэн алгыспытын тиэрдэбит».

Надежда Петрова

Читайте дальше