Сэтинньи 4 күнүгэр Туматтааҕы “Тугутчаан” оҕо саада тэриллибитэ 65 сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтэ. 1958 сыллаахха нэһилиэккэ оҕо уһуйаанын аһыллыыта улахан суолталаах этэ. Ол кэмнэргэ олохтоох ыаллар үксүлэрэ элбэх оҕолоохторо, улахан дьон барыта үлэлээҕэ-түбүктээҕэ. Тумакка Ленин аатынан холкуос ньиргиччи үлэлии турара, нэһилиэккэ үлэһит илии тиийбэт улахан үлэтэ тигиниирэ, кыра оҕоттон иҥнэн дьиэҕэ олорор сатаммат кэмнэрэ этилэр. Онон оҕону көрөр тэрилтэ, дьааһыла-саад тэриллиитэ олус наадалааҕа. Саҥа арыллыбыт тэрилтэ бастакы сэбиэдиссэйинэн Анна Томская анаммыта.
Онтон ылата бу оҕо тэрилтэтэ улууспутугар оскуола иннинээҕи оҕо иитиитигэр улахан кылаатын киллэрсэн, 65 сыл тухары үлэлээн кэллэ. Бу кэм устата идэлэригэр бэриниилээх, эппиэтинэстээх үлэһиттэр сыралаах үлэлэрин түмүгэр нэһилиэк кырачааннара иитиллэн, куорсун анньынан, салгыы оскуола боруогун атыллаан, киһи-хара буолан улааттахтара. Уһуйаан бастакы иитиллээччилэрэ оҕолорун, онтон сиэннэрин, аны хос сиэннэрин «Тугутчаан” кыһамньылаах үлэһиттэрин көрүүтүгэр аҕалан хааллараллар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ уһуйаан сэбиэдиссэйэ Екатерина Протодьяконова салалтатынан коллектив айымньылаахтык, аныгы олох хаамыытын батыһан, сонун хайысхалары сөптөөхтүк туһанан, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ, оскуолаҕа бэлэмнээһиҥҥэ былааннаахтыык үлэтин ыытар. Оҕо саадын кэлэктиибэ нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ мэлдьи көхтөөхтүк кыттар.
Оҕо саадын өрөгөйдөөх үбүлүөйэ олус үчүгэй таһымҥа буолан ааста. Салайааччы Екатерина Николаевна эҕэрдэ тылынан, история кэрчиктэрин билиһиннэрдэ, үлэлээн ааспыт үлэһиттэри үтүө тылынан аҕынна. Үбүлүөйгэ мустубут дьон, мааны ыалдьыттар — нэһилиэк салалтата, ытык, аҕам саастаах дьоно, уһуйаан выпускниктара үөрүүлэринэн үлэһиннилэр, бырааһынньыктан дуоһуйдулар.
Тэрээһини музыкальнай нүөмэрдэр киэргэттилэр, ыалдьыттар эҕэрдэлэринэн-алгыстарынан, махтал тылларын эттилэр, уһуйаан өссө да сайда-тупса турарыгар баҕа санааларын тириэртилэр. Ону таһынан тустаах дьоҥҥо наҕараадалары туттардыллар, наҕараада туппут үлэһиттэр үөрүүлэрэ өссө үрдээтэ.
Бу үбүлүөйгэ Ульяна Слепцова-Чорнуоха алгыстаах хоһоон анаабытын билиһиннэрэбит:
Айбыт аанньал ийэҕит
Аартыктарын тэлэҥҥит,
Солообут суолларын
Салҕаан, уһуйуллан,
Саҥа кэм тэтиминэн
Салайан үлэлээн
Көстүбэт утаҕынан
Кэпсэтэн көрөн,
Билиигитин хаҥатан,
Баһылаабыт үөрэххит
Күнтэн күн аайы
Кэскиллээҕи арыйан,
Кэнчээри оҕолорбутун
Кэскиллэрин түстүүбүт.
Эрэнэ көрөр харахтар
Элбэҕи да эрэйэллэр,
Эйэни, дьолу, кэрэни
Олоххутугар саҕаллар.
Эриирдээх- эргиирдээх
Элбэҕи эрэйэр
Тэтимнээх олоххо
Туппут билиигитин
Тарҕата, сайыннара,
Тулуургутун, дьоҕургутун биэрэн,
Дьоһуннаах кэскиллээх
Иитэн, үөрэтэн, такайан
Үлэлээбит үлэҕит
Үрдүк сыананы ылла.
Өр кэмҥэ үлэлээн
Уһуйаачы наставник
Сыал-сорук туолуута
Сыраттан-ирдэбилтэн
Түмүктэрэ көстөн,
Түмэ тарта барыбытын.
Өрөгөй күнэ тохтооботун,
Үлэ үөһүгэр эбии
Үгүһү, элбэҕи арыйдын.
Талааннаргыт арыллан,
Иитиллэн кэлбит
Уһуйааҥҥыт утумнарын салҕаан,
Үс Далбар Хотуну
Үөрэ, сүгүрүйэ көрдүм.
Үчүгэй да түгэҥҥэ
Үктэнэн-дьоллонон
Үйэбитин уһатабыт.
Утум ситимэ быстыбат
Үрдүктэн үрдүккэ салгыы
Үгүс сылы уҥуордуо.
Кэрэчээн кэскиллэрбит
Бастакы хардыылара
Бу манна саҕыллар,
Тобуллаҕас өйдөрө,
Таба көрүүлэрэ.
Махтанабын сүгүрүйэ
Мааны кийииккэ,
Хатыҥ чараҥҥыт
Хоту сиргэ уларытан
Хорсун санаатынан
Хааллаҕа олохсуйа.
Удьуор салҕанар
Утаҕа буоллаҕа.
Уһуйаан барахсан
Угуйа-ыҥыра туруоҕа.
Надежда Петрова