Петр Томскай — Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, саха бэчээтин саарына. Ыраах Усуйаанаҕа, Хотугу Муустаах муора кытылыгар олохтоох Дьүкээгир нэһилиэгэр булдунан, балыгынан ииттинэн олорор дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Инньэ гынан оскуоланы бүтэрээт, үөрэнээччи-булчутунан аҕатыгар сыстан, хоту дьон төрүкү дьарыктарыгар ылсан барбыта.
Эр киһи буоллаҕа, кырсаһыт уолу Дьүкээгир туундаратын түгэҕиттэн ирдээн булан, бэбиэскэлээн, Аҕа дойдутугар сибэтиэй иэһин толорторо Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалата ыыппыттара. Икки сыл этэҥҥэ элэс гына охсон, ситиһиилээхтик сулууспалаан, буһан-хатан кэлбит эдэр, эрчимнээх ыччаты “Усуйаана” сопхуос хомсомуолун тэрилтэтин босхоломмут сэкирэтээринэн талбыттара.
Хотугу хоһуун силлиэттэн-буурҕаттан иҥнибэккэ, ыччаты үрдүк таһаарыылаах үлэҕэ көҕүлүүргэ, көхтөөх уопсастыбаннай олоххо сыһыарарга күүрээннээх үлэни тэниппитэ. Аһара баран, “Ыччат – туундараҕа!” ыҥырыы таһааран, идэтийбит кырсаһыт булчут буолар. Сорсуннаах сонордьут Петр Томскай 1974 сыллаахха хомсомуол XVII сийиэһин дэлэгээтинэн талыллар. Үрүҥ эһэлэрдиин эҥэрдэспит Муустаах байҕал уола, дойду килбэйэр киинигэр Москубаҕа, Ийэ дойдутун – Сэбиэскэй Сойуус ыччатын муҥутуур үрдүкү түмсүүтүгэр, сийиэс бөрөсүдьүйүүмүгэр баартыйа Киин Кэмитиэтин Генеральнай сэкирэтээрэ Леонид Брежневи, аатырбыт гимнастка, Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ Людмила Турищеваны кытта ыксалаһа олорор чиэскэ тиксибитэ.
СГУ устудьуона, тэрийэр-көҕүлүүр дьоҕурдаах Петр Томскай “Дьулуур” кыргыттар тутар этэрээттэрин хамыһаарынан уоттаахтык-күөстээхтик үлэлээбитэ. Кыргыттар барахсаттар Дьааҥы оройуонугар тутууга штукатур, кырааскаһыт быһыытынан үтүө суобастаах, таһаарыылаах үлэлэрэ тутар этэрээттэр зонатааҕы күрэхтэһиилэригэр иккис миэстэнэн сыаналаммыта. Этэрээт бойобуой хамыһаара Көҥүл Арыытыгар – Кубаҕа 14 хонуктаах туристыыр путевканан наҕараадаламмыта.
Петр Томскай суруналыыс быһыытынан бэчээт эйгэтигэр 30-ча сыл айымньылаахтык үлэлээбит суола 1980 сыллаахтан дойдутугар Усуйаана оройуонун икки тылынан тахсар “Заря Яны”, “Дьааҥы сардаҥата” хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы быһыытынан саҕаламмыта. Ол үлэлии сылдьан 1984 сыллаахха Новосибирскайдааҕы икки сыллаах үрдүкү партийнай оскуолаҕа суруналыыс идэтигэр үөрэнэ киирэр уонна бүтэрэр. 2000 сыллаахха “Ил Түмэн” хаһыакка парламент кэрэспэдьиэнинэн ситиһиилээхтик үлэлээн, Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) А.П.Илларионов аатынан бириэмийэтин лауреатынан буолар. 2002 сыллаахтан “Саха сирэ” хаһыат уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй отделын кэрэспэдьиэнинэн тус суоллаах-иистээх хаһыатчыт быһыытынан бэрт айымньылаахтык үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.
Усуйаана улууһун бочуоттаах гражданина Петр Петрович Томскай билигин, бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор, төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар элбэҕи оҥорор, көмөлөһөр, сибээһин быспат. Улууһун, биир дойдулаахтарын тустарынан дьоһуннаах кинигэлэри хомуйан, эрэдээксийэлээн таһаартарар, салгыы өссө да үлэлэһэр.
Иван Ксенофонтов