Мин киэн туттар дьүөгэм

Мин киэн туттар дьүөгэм

Дьылҕа хаан ыйааҕынан кэргэмминээн Роман Романовичтыын кыыспытыгар көмөлөһөн 6 ыйдаах сиэммитин көрсө, ыраах сытар Депутатскайга 5 сыл олорон кэлбиппит. Урут да олоххо активнай ыал онно да баран муннукка симиллибэккэ дьону кытта эн-мин дэһэн бэрт сэргэхтик олорон кэлбиппит. Кыратык ыллыыр буолан эдьиийим Татьяна Афанасьевна салайар “Далбар хотун” ансаамбылыгар ыллаһар чиэскэ тиксибитим. Суол-иис суох да буоллар, онно-манна гастроллуу барар этибит, онно бары да миэхэ ийэлии истиҥник сыһыаннаһан бүөбэйдээн илдьэ сылдьаллар этэ. Хоту сиргэ олорор дьон бары да эйэҕэс сыһыаннара, эдьиийим Татьяна Семеновна, күтүөтүм барахсан Алексей Петрович сылаас сыһыана дойдубутун суохтаппатаҕа.

Ансаамбылга үксүлэрэ миигиттэн саастаах кыргыттар этилэр. Киэһэ аайы репетиция, куоластары үөрэтии, сүбэлэһии, иистэнии, олох соло булбат этибит, куоласка уруккуттан ыллаабыт буолан син арахсабыт, биир эмэ киһи партиятыттан мунна да Татьяна Афанасьевна суһаллык истэн тутатына көннөрөөччү.

Мин киэн туттар дьүөгэмКырдьаҕастар дьиэлэригэр сотору-сотору баран концертааччыбыт, репертуарбыт онно уларыйар хайаан да, ол быыһыгар араас бириистээх оонньуулары Роман Романович ыытааччы. Дуобат күрэҕин ыытан сэргэхситэн кэлээччи кырдьаҕастары. Кулууп иһинэн дуобакка общественнай тренер буолан аат ааттаан ыраах Хаһааччыйаттан, Туматтан, ыстаадалартан кэлэн дуобаттыы кэлээччилэр.

 

Татьяна Афанасьевна киэҥ-холку майгылаах, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, кыраттан да үөрүнньэҥ, тылыгар турумтуо, сүрдээх кыһамньылаах үлэһит, хаһан да “ээ чэ, буоллун-хааллын” диэн үлэлээбэт, ымпыгар-чымпыгар тиийэ салайар киһинэн ааҕабын. Мин олохпор маннык үтүө кыргыттары кытта алтыһан ааспыппыттан толору дьолум дии саныыбын.

Ыраах  да сырыттарбын билигин да сибээспин быспаппын, Мария Николаевна Болтунова, Зоя Ивановна Тоскина, Вера Васильевна Рожина, Мария Егоровна Егорова, Василиса Пантелеймоновна Находкина, Ольга Николаевна Слепцова, Зинаида Константиновна Барабанская,  Анна Константиновна Суханова, Мария Николаевна Захарова курдук кыргыттары кытта бииргэ ыллаабыппыттан астынабын.

Мин киэн туттар дьүөгэм

Биһиги үөрэппит “кубаларбытын, көлүкэчээммитин” Кулаковскай аатынан культура киинигэр, телевидениеҕэ үрдүк таһымҥа ыллаабыппыт. Ким биһигини, музыкальнай үөрэҕэ суох дьону, мунньан, үөрэтэн-такайан инник үрдүк сценаҕа ыллатыай? Биллэн турар, Татьяна Афанасьевна буоллаҕа. Ити эрэ буолуо дуо. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах.Биһиги Татыйыкпыт кэрэ куоластаах ырыаһыт, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, мелодист, иистэнньэҥ, эрэллээх дьүөгэ. Кини саҥарар эбээннии саҥата туспа эриэккэс музыка буолан иһиллэр, оннук киһи — мин киэн туттар дьүөгэм.

Клара Ларионова,  педагогическай үлэ ветерана

 

Убаастабыллаах биир идэлээхпин, талааннаах суруналыыһы, суруйааччыны, ырыа айааччыны, кэрэ куоластаах ырыаһыты, тапталлаах ийэни, эйэҕэс эбээни — Татьяна Афанасьевна Протопопованы 75 сааскын туолбут үбүлүөйгүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Усуйаанаҕа, кими да билбэт сирбэр, тиийбиппэр үөрэ-көтө көрсүбүккүтүн, эһигини кытта, эһиги көмөҕүтүнэн 10 сыл бииргэ үлэлээбиппин куруук өйдүүбүн, ахтабын, махтанабын.
Күндү Татьяна Афанасьевна, айар-тутар үлэҥ уҕараабатын, куруук күлэ-үөрэ, ыллыы-туойа дьоҥҥун үөрдэ сырыт. Төрөппүттэргин удьуордаан уһун үйэлэн, кырдьыы кыттыспатын, ыарыы ыалласпатын, этэҥҥэ буол!
Бары үтүө баҕа санаам бастыҥын Эйиэхэ аныыбын.

Зоя Охлопкова, 2004-2014 сс. “Дьааҥы саһарҕата” хаһыат кылаабынай редактора

 

Уважаемая Татьяна Афанасьевна!

От всей души поздравляем Вас с юбилеем! Ваш многолетний труд в газете «Заря Яны» внес бесценный вклад в развитие районной печати и популяризацию культуры коренных малочисленных народов Севера.
Как член Союза журналистов России, отличник печати РС(Я), автор художественных сборников стихов, рассказов, Вы оставили неизгладимый след в культурной жизни нашего района. Ваша преданность и профессионализм, Ваше старание и талант по праву заслуживают самой глубокой благодарности и признания. Вы внесли огромный вклад в сохранение и продвижение эвенской культуры.
Поздравляем с юбилеем, желаем крепкого здоровья, благополучия и вдохновения. Пусть Ваше разностороннее творчество продолжает вдохновлять и радовать всех устьянцев ещё многие годы.

Коллектив редакции газеты «Заря Яны»

Читайте дальше