Литературнай муннук. Үөрэх күнэ

Айсен Николаев в прямом эфире ответил на вопросы якутян

Үгүс билии

Үөрэх күнэ

Бүгүн эмиэ саҕаланна,

Оҕо-аймах үөрэ-көтө

Оскуолаҕа субулунна.

 

Бастаан киирэр

Саҥа кылаас

Сырдыгынан

сыдьаайар, Санаа кыымар

Сайдыы саҕан

Учууталгыт уһуйар.

 

Үөрэх кэрдиис

Кэмин кыайан

Бүтэриэххит, билэбин,

Саха сирэ

Сайдар суолун

Киэргэтиэххит, үөрэбин!

 

Ийэ сирбит

Иэйэ ахтар

Дьиҥнээх дьоно буолуоххут,

Дьоҥҥо тиийэр

Суолу хайан

Дьоллоргутун булуоххут!

Владимир Томскай-Күрүөкүннээх

Читайте дальше