Усуйаана нэһилиэгэ төрүттэммитэ 385 сылыгар анаммыт хоһоон күрэҕин кыайыылааҕа Максим Пчельников хоһоонун ааҕыҥ
Усуйаанам
Усть-Яна, Усуйаана, Усуйаанам!
Тоҥ муус сирдээх, итии, кэрэ дьонноох,
Улуу муоралаах, баай айылҕалаах.
Киэҥ өрүскүн батыһан
Күөх халлаан үрдүттэн
Күнүҥ сылаастык күндүлүүр.
Оо, Усуйаанам!
Эн тоҥ сиргэр дьонум, аймаҕым сибэккиилээн үүнэн,
Улуу Дьааҥы өрүһүн кытылын үрдүгэр, силиистээн күн сирин көрбүтүм.
Бэс ыйын мууһун устар тыаһын олоҥхото,
Атырдьах ыйын бастакы хаарын хоһооно,
Муораттан үрэр күүстээх тыалын ырыата,
Кытаанах айылҕаҥ тойуга, дьиҥ саха аймаҕын үөскэтэр.
Эн Баай Байанайыҥ күн сирин күндүлүүр,
Ирбэт дойду туһунан, күн сиргэ дуорайан кэпсиир!
Кытаанах майгыҥ туохтан да кэрэ!
Баҕарабын эйиэхэ өрүү сайда тураргар!
Максим Пчельников