Литературнай муннук. Көмнөх хаар

Литературнай муннук. Көмнөх хаар

Хотугу күһүн бэлиэтэ —

Хойуу сымнаҕас хаарбыт

Халлааны сабардаабыт,

Халыҥ былыттан түһэр.

 

Мин хотугу дойдум

Мааны дьикти айылҕатын

Маҥан хаар көбүөрүнэн

Маанылаан киэргэтэн биэрбит.

 

Эрэйдээх, муокастаах да буоллар

Эдэр сааһым манна ааспыта,

Элбэх эрэллээх доҕоттордоох

Эн киэҥ-куоҥ туундараҕар.

 

Эргиллэн кэлэ туруоҕум,

Эн миигин күүтээр, Усуйаанам,

Эн мин сүрэҕим, дууһам

Эрэллэх доҕоро буолаҕын.

 

Иннокентий Никулин-Омолой

Читайте дальше