Кини кэрэ мөссүөнэ, ыраас мичээрэ дууһабытыгар сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайа сылдьыаҕа

Кини кэрэ мөссүөнэ, ыраас мичээрэ дууһабытыгар сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайа сылдьыаҕа

Тапталлаах ытык ийэбит, II, III истиэпэннээх «Ийэ Албан аата» уордьан кавалера, «Ийэҕэ үрдүк махтал» бочуот бэлиэлэрдээх, Усуйаана улууһун Хаһааччыйа бөһүөлэгин бочуоттаах гражданина, «Усуйаана улууһун бочуоттаах ытык кырдьаҕаһа», «Үйэ саас», «Гражданскай килбиэн» бочуот бэлиэлэрдээх үлэ уонна сэрии бэтэрээнэ, эбэбит, хос эбэбит, хос-хос эбэбит Слепцова Анна Николаевна от ыйын 22 күнүгэр бу сирдээҕи олоҕун ситэрэн орто дойдуттан 96 сааһыгар букатыннаахтык арахсан барбыта биир сылын туолар.

Күн күбэй ийэбит, эбэбит бу дойдуга кэлэн олорбут олоҕун ыллыктарынан айаннаатахха, кини 1927 сыллаахха Муома улууһун «Сардаҥа» диэн сиригэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ — Прасковья Александровна Аммосова Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээх, аҕата – Уйаандьы эбээнэ Николай Гаврильевич Лебедев. Кинилэр быр-бааччы олорон алта оҕоломмуттарын кэннэ, сымыйа тыллааһын түмүгэр, аҕаларын репрессияҕа түбэһиннэрэн күлүүстээх хаайыыга ыыталлар. Алта оҕону кытта соҕотох хаалбыт ийэбит ийэтэ, эбэбит кыһалҕалаах олоҕо саҕаланар.

Оҕолорун атахтарыгар туруораары Үөһээ Дьааҥыттан сылдьар Петр Николаевич Ефимов диэн киһини кытта ыал буолан олоҕун салҕыыр. Ыал улахан оҕото, биһиги ийэбит Анна Николаевна кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн, ийэтин биир тутаах көмөлөһөөччүтэ буола улаатар. Ол саҕана Усуйаана улууһун киинигэр Хаһааччыйаҕа балыыһа, оскуола тутуллар диэн нэһилиэктэртэн уус дьону ыҥыраллар. Петр Николаевич мас ууһа буолан дьиэ кэргэнин кытта Хаһааччыйаҕа көһөн тиийэллэр. Кинилэр туппут балыыһалара, оскуолалара өр сылларга дьоҥҥо-сэргэҕэ элбэх туһаны аҕалбыта.

Ийэбит, Анна Николаевна, Хаһааччыйа оскуолатыгар үөрэнэ киирэр. Үөрэнэ сырыттаҕына 1941 сыллаахха уоттаах сэрии саҕаланар. Прибалтикаттан спецпереселенецтары үүрэн аҕалаллар. Манна немецтэр, еврейдэр, латыштар, литовецтар, эстонецтар, финнэр бааллара. Бу оҕолору кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр.

Переселенецтар кэлбиттэрин кэннэ Хаһааччыйаҕа 10 кылаастаах орто оскуола арыллар. Сэттис кылааска үөрэниэхтээх күһүнүгэр ийэбит от охсо сылдьан атаҕын эчэтэн хас да ыйы быһа балыыһаҕа сытар. Ол саҕана пенициллин диэн антибиотик саҥа оҥоһуллан, сэриигэ эрэ туттуллар киэҥник тарҕана илик эмп этэ. Хата кини дьолугар Адамов диэн хирург баар буолан эмтээн-томтоон үтүөрдэр. Үөрэҕин дэлби куоттаран оскуолатыттан уурайарыгар тиийэр. Ол кэннэ наар холкуоска араас үлэҕэ үлэлиир. 1944 сыллаахха Абыйтан төрүттээх Семен Николаевич Слепцовка кэргэн тахсан иккиэн Киров аатынан холкуоска үлэлииллэр. Балаҕан, ампаар туттан Киэҥ Айаан диэн элбэх бултаах-алтаах сиргэ олохсуйаллар. Манна олорон түөрт оҕолоноллор. Улахан уоллара Коля үөрэнэр сааһын туолуута Хаһааччыйаҕа көһөн кэлэллэр.

Ийэбит маҥнай типографияҕа, онтон кэнники бааҥҥа муоста сууйааччынан, аҕабыт райпоҕа рабочайынан үлэлииллэр. Утуу-субуу өссө биэс оҕолоноллор. Ити бириэмэҕэ оҕоломмут дьахтарга билиҥҥи курдук уоппуска биэрбэттэр. Ол иһин ийэбит үлэлии-үлэлии оҕолорун көрөр, ас астыыр, дьиэтин-уотун дьаһайар, бэрийэр. Манна улааппыт оҕолор көмөлөрө төһүү күүс буолар. Ол иһин туох да үлэттэн саллыбат, барыны-бары сатыыр буола улааталлар. Ол инники бэйэлэрин тус олохторугар улахан туһалаах буолар.

Ийэбит Анна Николаевна, аҕабыт Семен Николаевич оҕолорун атахтарыгар туруоран, үөрэттэрэн, араас идэни баһылыылларыгар төһүү күүс буолбуттара. Бастаан үс улахаттара оскуоланы бүтэрэн утуу-субуу үрдүк үөрэххэ киирэллэр. Оҕолорун үөрэттэрэллэригэр хара үлэһит дьон улахан ыарахаттары көрсүөхтэрин, аҕаларын бииргэ төрөөбүт бырааттара Егор Николаевич уонна Николай Николаевич харчынан көмөлөһөн абыраабыттара. Ол курдук тоҕус оҕоттон биэһэ үрдүк үөрэхтээхтэр, түөрт оҕо анал орто үөрэҕи бүтэрбиттэрэ. Николай – ученай-зоотехник, Мария – химик-биолог, Василиса – географ, Полина – товаровед, Семен – автомеханик, Алексей – мас ууһа, Анна – үрдүк үөрэхтээх алын кылаас учуутала, Владимир – электрик, Надежда – уһуйааччы уонна логопед идэлэрин баһылаан төрөөбүт дойдуларыгар, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар үлэлээбиттэрэ.

Ийэбит, Анна Николаевна, билиҥҥи бириэмэҕэ 24 сиэннээх, 35 хос сиэннээх, 1 хос-хос сиэннээх. Ытык ийэбит бэйэтин туһунан сырдык, ыраас эрэ өйдөбүлү хаалларан барбыта. Сахалыы сайаҕас үтүө майгыта, мындыр өйө, сатабыла аймах-билэ дьонугар мэлдьи холобур буолуоҕа. Тапталлаах ийэбит, эбэбит, хос эбэбит, хос-хос эбэбит кэрэ мөссүөнэ, ыраас мичээрэ биһиги дууһабытыгар сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайа сылдьыаҕа. Сааһырыахпытыгар диэри оҕо буолан сылдьар хас киһи аайы бэриллибэт улахан дьолу билбиппитигэр, эмэнсийиэхпитигэр диэри «ийэ» дии сылдьыбыппыт иһин, күн күбэй киһибитигэр муҥура суох махтанабыт. Эн олоххун оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ, хос-хос сиэннэриҥ салҕыахтара.

Читайте дальше