Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат

Ыам ыйын 9 күнүгэр Усуйаана нэһилиэгэр харах уулаах Улуу Кыайыы 79 сылыгар аналлаах “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэн ааттаах бырааһынньыктааҕы кэнсиэри  биир дойдулаахтарбытыгар, аҕа көлүөнэ дьоммутугар бэлэх ууннубут.

Кэнсиэркэ 3 түөлбэ — «Дьүкээбил», «Чэчир», «Кустук» – талааннаах, актыбыыс дьоно көхтөөхтүк кытыннылар. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыыттылар Юрико Дохунаева уонна Матрена Попова. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Марфа Горохова эҕэрдэ тыл этэн, ветераннарга бэлэх туттарда.

Кэнсиэрпитигэр Улуу Кыайыы ырыалара ылланнылар, үҥкүүлэр үҥкүүлэннилэр. «Кэскил» култуура дьиэтин үлэһиттэрэ «Катюша» — норуокка биллибит ырыаны ыллаан дуораттылар, «Баллада о Матери» хоһоону Агафья Тоскина олус үчүгэйдик, итэҕэтиилээхтик ааҕан, дьон биһирэбилин ылла.  Ону таһынан  ыалдьыппыт, талааннаах ырыаһыт Иннокентий Протодьяконов ылбаҕай ырыалары ыллаан киэргэттэ уонна да элбэх Аҕа дойду сэриитигэр, Кыайыы күнүгэр анаммыт эҕэрдэ нүөмэрдэр кэнсиэрпитин киэргэттилэр.

Баҕарыа этибит күндү талааннаах дойдубут дьонугар, ытыктабыллаах бэтэрээннэргэ кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр, тус олоххутугар ситиһии эрэ сиэттистин, дьол аргыстастын!

Матрена Попова

Читайте дальше