Кэтэһиилээх күммүт саҕахтан сандаара таҕыста

Кэтэһиилээх күммүт саҕахтан сандаара таҕыста

Тыйыс чысхаан тымныылаах, будулуйар буурҕалаах, чоҕулуспут сулустардаах Тумаппыт сиригэр-дойдутугар, сылын аайы ыытыллар, күүтүүлээх — кэтэһиилээх күммүт саҕахтан сандаара тахсар үөрүүтүн үллэстэ культура дьиэтин тэлгэһэтигэр дьон аймах тоҕуоруһа муһунна. Халлааммыт да анаабыт курдук, кыратык тымныы да буоллар, күммүт сырдык сардаҥаларынан уруйдуу көрүстэ.

Кэтэһиилээх күммүт саҕахтан сандаара таҕыста

Бу өбүгэлэрбит бырааһынньыктарын Тумакка 2006 сыллаахтан ыытабыт. Сыала – соруга: хотугу норуот сиэрин – туомун тутуһан, эдэр ыччаты иитиигэ сүрүн күүс буоларын быһаарыы, өбүгэлэрбит культураларын таптыырга, убаастыырга үөрэтии, алгыс этэн, кэлэр ыччаты араҥаччылааһын, сиэри – туому сөргүтэн олоххо киллэрии.

Бырааһынньыгы иилээн – саҕалаан ыытта культура дьиэтин уус уран салайааччыта Мичил Томскай. Үҥкүүһүттэр бөлөхтөрүн толоруутугар (салайааччы Галина Томская) «Күн үҥкүүтүнэн» бырааһынньыкпытын саҕалаатыбыт. Ол кэнниттэн өбүгэлэрбит, төрүт олохтоох хоту норуоттар үрүҥ күнү көрсөн арчыланаллара, ол сиэрдэрин тутуһан, дыргыл сыттаах буруонан ыраастаныы сиэрэ — туома ыытылынна (Марфа Григорьевна Слепцова).

Кэтэһиилээх күммүт саҕахтан сандаара таҕыста

Аламай маҥан күммүт тахсыытын уруйдаан, күүтүүлээх сырдык кэмнэрбит үөрүүтүн, өбүгэлэрбит үгэстэринэн, алгысчыт (Андриян Горохов) Арҕаһыттан тэһииннээх, Айыы оҕолорун алҕаан, арчылаан, араҥаччылаан сылдьалларыгар аал уотун аһатан, үҥэн – сүктэн туран көрдөстө. Түһүлгэҕэ мустубут дьон, алгысчыты үтүктэн күн сардаҥатын бэйэлэрин диэки иҥэринэн күүс – уох эбиннилэр.

Ол кэнниттэн үөрүү-көтүү айхалланан тымныыны тымныы диэбэккэ төрүт таҥастаах түһүлгэҕэ мустубут дьон «сээдьэ», «оһуокай» этэн үҥкүүлээн бардылар. Бу үтүө күнү тутуһан, өбүгэлэрбит үгэстэринэн, мустубучча, эдэрдиин-эмэнниин күрэхтэһэн бардыбыт. Бастакы күрэх: «Маамыкта быраҕыыта» эр дьоҥҥо аҕыс киһи суруттарбытыттан үс эр бэрдэ аарыма муоһу маамыктанан хаптаран күөн көрсүһүү буолла. Манна Валентин Протодьяконов биир очукуонан баһыйан кыайыылааҕынан таҕыста. Иккис бочуоттаах миэстэҕэ Иван Горохов буолла. Бу көрүҥҥэ дьахталлар да туора турбатылар, икки кэрэ куо суруттарбытыттан мамыктанан быраҕан үс очукуолаах олохтоох балыыһа үлэһитэ Елизавета Индеева кыайда, Эдэр ыччат специалиһа Жанна Горохова иккис таҕыста.

«Наарта ыстаныыта» Егор Северьянов 46-та ыстанан тэҥнээҕин булбата. Онтон 11 кылаас үөрэнээччитэ  Сандал Горохов 44-тэ ыстанан иккис бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ.

Биир эмиэ өбүгэлэрбит сөбүлээн оонньуур күрэхтэрэ «Балык былдьаһыы буолар. Манна саамай сымсатын, түргэнин көрдөрдө Руслан Томский, иккис Егор Северьянов буоллулар.

Кэтэһиилээх күммүт саҕахтан сандаара таҕыста

Кыайыылаахтарга олохтоох урбаанньыт, «Чондон» община салайааччыта А.И. Колесова спонсорскай көмө оҥордо. Бу кинилэр бастакы сырыылара буолбатах, куруук үгэскэ кубулуйбут бырааһынньыктарбытыгар мэлдьитин көмөҕө бааллар. Күндү дьоммутугар туйгун доруобуйаны, инникигэ эрэли, дьоҥҥо оҥорор үтүөҕүт уон оччонон эргиллэн истин. Бырааһынньыкка кыттыыны ылбыт, атыы эргиэн дьаарбаҥкатыгар араас ас эгэлгэтин аҕалан бар донноругар күндүлээбит дьоммутугар: Е.А. Горохова; В.С. Томская; И.И. Колесова; Е.А. Индеева; К.Н. Рожина; Т.И. Бубякина Семен Дьяконов аатынан культура дьиэтин үлэһиттэрин ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Андриян Горохов

 

Читайте дальше