Күөх сайын кэллэҕин ахсын сынньана уонна бэйэ-бэйэни кытта көрсүһэ таарыйа, Депутатскай бөһүөлэк «Металлург» культуратын дьиэтин иһинэн “Далбар Хотун” – дьахталларын ансаамбыла дьоллоох Дьокуускай куоракка баран сайылыыр үгэстэннэ. Уонтан тахса сыл бииргэ ыллаан-туойан, бодоруһан, кэргэннэһэн хаалбыт дьүөгэлиилэр көрүстэхпитинэ, хайаан да ырыаларбытын ыллаатахпытына эрэ табыллар курдук.

Көхтөөх сынньалаҥ

Биир оннук көрсүһүү –кэнсиэри бииргэ ыллаһар дьүөгэбит Екатерина Егоровна Попова төрөөбүт нэһилиэгэр Дьөппөҥҥө туруорбуппутун олохтоохтор сэргээбиттэрэ.

Көхтөөх сынньалаҥ

Далбардар быйыл даҕаны уоппускаларын халтайга ыыппатылар – аҕыйах да буоллаллар, бэлэмнэнэн, кэнсиэртээн солото суох сырыттылар. Бу сырыыга кэнсиэргэ кыттар санааны  Дьокуускайдааҕы аатырар «Сайсары” –дьахталлар норуодунай ансаамбылын салайааччыта, Урааллааҕы государственнай консерватория выпускницата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Светлана Константиновна Степанова биэрбитэ. Итиччэ үрдүк таһымнаах киһи ыҥырыытын үөрүүнү кытта ылынан, Дьокуускайдааҕы оҕо дыбарыаһын киэҥ-куоҥ саалатыгар — Зоя Тоскина, Вера Рожина уонна мин буоламмыт, эбээн норуотун ураты талааннаах кыыһын Варвара Слепцова “Элла” – диэн ырыатын а-капелланан бэркэ долгуйан туран ыллаатыбыт.

Көхтөөх сынньалаҥ

Биһиги ити курдук, күүппэтэх өттүттэн “Вместе к активному долголетию” – девизтээх Саха Өрөспүүбүлукэтин аҕам саастаахтарын фестивалыгар кыттыыны ыллыбыт.

Эмиэ бу декада чэрчитинэн, күүс ылыммыт дьон быһыытынан,  “Аврора”  диэн чэбдигирдэр киин ыҥырыытынан “Далбар Хотун” куоракка олорор кыттааччыларын, биһиги бэйэбит уолбут, талааннаах ырыаһыт быһыытынан дьоҥҥо биллибит Валентин Суздалов күүспүтүнэн бүтүн балтараа чаастаах улахан кэнсиэри туруордубут. Программа5а Усуйаана улууһун олохтоох автордарын ырыаларын ыллаатыбыт.

Көхтөөх сынньалаҥ

Көрөөччүлэр үчүгэй кэнсиэр иһин, оттон толорооччулар иһирэх көрөөччүлэргэ хардарыта махтаннылар. Биһиги коллективпыт Валентин Суздаловка кэнсиэри ыллаан киэргэппитигэр уонна биһигинниин уруккуттан бодоруспут биллэрээччибит  Мария Николаевна Захароваҕа кэнсиэри сэргэхтик салайан ыыппытыгар, баянист Александр Харитоновка ырыаны истээт да оонньоон кэбиһэр талаанын иһин ис сүрэхтэн махтанар. Түгэн көһүннэҕинэ өссө да көрсүөхпүт, дьону-сэргэни үчүгэй кэнсиэринэн үөрдүөхпүт диэн эрэнэр.”Сайсары” народнай ансаамбыл салайааччытыгар Светлана Константиновнаҕа концертка кыттарга ыҥырыытын  иһин ураты махтал тылларын этиэҕи баҕарыллар.  Оччоттон баччааҥҥа дылы “Сайсарыга” ыллыы-туойа сылдьар кыргыттарбытыгар Ксения Дьячковскаяҕа, Екатерина Поповаҕа туһалаах сүбэлэрин-амаларын уонна көмөлөрүн иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Аныгыс сырыыга көрсүөххэ диэри, күндү доҕоттор!

     Т. Протопопова – Гулуҥэ, «Далбар Хотун» — ансаамбыл салайааччыта

Читайте дальше