“Йанги” ансаамбыл оҕолоро суруйаллар. Кытайга умнуллубат кэрэ күннэр.

“Йанги” ансаамбыл оҕолоро суруйаллар. Кытайга умнуллубат кэрэ күннэр.

Мин аатым Кладкина Надя, Хаһааччыйа орто оскуолатыгар 10 кылааска үөрэнэбин. «Йанги» юкагирскай ансаамбылга үҥкүүлээбиппит быйыл 10 сыл буолла. Салайааччыбыт Лаурика Евгеньевна биһигини 1 кылаастан дьарыктыыр,  үөрэтэр, таптаан илдьэ сылдьар.

Биһиги ыраах тымныы тус хоту Усуйаана оройуонуттан, Хаһааччыйа нэһилиэгиттэн ахсынньы ый бүтүүтэ Кытай норуодунай республикатыгар аан дойдутааҕы творческай фестивальга айанныырга туруммуппут.

Тохсунньу 3 күнүгэр бары Аллараа Бэстээх вокзалыгар көрсүспүппүт. Онтон дьэ айаммыт үөрүүлээх күннэрэ саҕаламмыттара. Пуойаһынан Благовещенскайга дылы 2 суукка айаннаабыппыт. Пуойаспыт вагона ыраас, сылаас, олус тупсаҕай этэ. Онон миэхэ айаммыт сымнаҕастык ааспыта. Элбэх буолан айаммытын билбэккэ хааллыбыт.

Благовещенскайтан Амур өрүһү Кытайга, чуолаан Хэйхэ куоракка, автобуһунан туораабыппыт. Онтон Удалянчи куоракка фестивальбыт буолар сиригэр 2 аҥаар чаас айаннаан тиийбиппит.

Кытай норуота биһигини наһаа итиитик, үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Фестивальга кэлии эрэ дьон буолбакка, кытай оҕолоро эмиэ кыттыбыттара. Кинилэр үҥкүүлэрин көрөргө наһаа астык, интэриэһинэй этэ. Биһигини кинилэр эмиэ олус сэргээн көрбүттэрэ, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаабыттара, уруйдаан-айхаллаан өйөөбүттэрэ. Сыанаҕа үҥкүүлээн бүтэн тахсыбыппар, биир кыракый китаянка кыыс өйдөбүнньүк дракон бэлэх туттарбытыгар олус диэн үөрбүтүм, долгуйбутум. Улахан сыанаҕа үҥкүүлүү тахсыахпыт иннинэ кыратык долгуйан ылбыппыт, ол да буоллар олус үчүгэйдик нүөмэрбитин көрдөрбүппүт.

Кытайга айаннаан кэлбиппиттэн наһаа астынным, биһиги олохпутугар биир чаҕылхай, умнуллубат күннэр аастылар. Махтанабын күндү төрөппүттэрбэр,  салайааччыбытыгар Дохунаева Лаурика Евгеньевнаҕа, кинилэр биһиэхэ саҥа дьыллааҕы ураты үөрүүлээх бэлэҕи оҥордулар. Барытын кинилэр тэрийэн, бырайыаспытын, айаммытын уйунан, харчынан төлөөн хааччыйбыттарыгар улаханнык үөрдүм, күүскэ-күүскэ таптыыбын, сыллыыбын.

“Йанги” ансаамбыл оҕолоро суруйаллар.
Кытайга умнуллубат кэрэ күннэр.

***

Мин аатым Горохов Максим, Усуйаана улууһугар, Хаһааччыйа орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэбин. Маҥнайгы кылаастан «Йанги» үҥкүү куруһуогар дьарыктанабын. Салайааччыбыт Дохунаева Лаурика Евгеньевна — омук тылын учуутала.

Соторутааҕыта биһиги — 14 оҕо, 2 төрөппүт уонна учууталбыт Лаурика Евгеньевна буолан, Кытайга баран фестивальга кыттан кэллибит. Айаммын олус  астынным.

Кытайга саамай сөбүлүү көрдүм музейдары, атын норуот олоҕо, историята, культурата наһаа кэрэхсэбиллээх эбит. Пуойаһынан аан маҥнай айаннаатыбыт, ону бары да сөбүлээтибит, уратыта диэн араас сири көрө-көрө айанныыгын, кыра сахсыллааһын да баар. Икки күн айаннаабыппыт, мин санаабар, пуойаһынан айанныыр  үчүгэй баҕайы.

Кытай улахан сыанатыгар тахсарга кыратык долгуйбутум, көрөөччүлэр наһаа элбэх этилэр, олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, онтон сотору сыанаҕа үөрэ-көтө үҥкүүбүтүн толорбуппут. Мин саамай сөхпүтүм диэн — көрөөччүлэр олус элбэх этилэр, миэстэ барыта толору уонна бары күүскэ таһыналлар, үөрэллэр аҕай, олус истиҥник көрсөн биһигини үөртүлэр.

Кытайга сылдьан кэлбиппиттэн наһаа үөрдүм, астынным. Ыраах айаммар ийэм Прасковья Дмитриевна бииргэ сылдьан арыаллаата. Саҥа дьылынан улахан бэлэх оҥорбут күндү дьоммор — ийэбэр, эбээлээх эһээбэр олус күүскэ махтанабын, миэхэ хаһан да умнуллубат кэрэ күннэр аастылар.

“Йанги” ансаамбыл оҕолоро суруйаллар.
Кытайга умнуллубат кэрэ күннэр.

***

Мин аатым Горохова Уйгу, 10 кылааска үөрэнэбин, «Йанги» ансаамбылга эмиэ маҥнайгы кылаастан умсугуйан сылдьабын. Юкагир омук тылын, литературатын, үҥкүүтүн кыра эрдэхпиттэн сөбүлээн үөрэтэбин.

Саҥа дьыл саҕаланыыта биһиги, «Йанги» үҥкүү бөлөҕүн оҕолоро, Кытайга фестивальга кыттан кэлбиппит. Онно саамай сөбүлээбитим диэн салгына сылаас, куораттарын атмосферата сымнаҕас, ыраас, эҥин араас пааркаларга күүлэйдээтибит, музейдарга сырыттыбыт. Астарын эмиэ сөбүлээтим.

Саамай долгуйбут түгэним — сыанаҕа тахсыы. Төһө да сыанаҕа тахса үөрэхтээх буолларбын, син биир киириигэ долгуйан ылбытым. Наһаа да улахан сыана, уота-күөһэ күлүмүрдээн эриэккэс эбит, аны көрөөччү олус элбэх, саала иһэ тобус-толору. Онтон үҥкүүлээн иһэн уоскуйан, холкутуйан,  оҕолору кытта бииргэ үҥкүүбүтүн толорбуппут.

Кытайга баран кэлбиппин олус астынным, атын омук оҕолорун кытта алтыһан,  доҕордоһон-билсиһэн кэллим. Ыраах айаҥҥа тэрийбит, бырайыаспын төлөөбүт төрөппүттэрбэр олус үчүгэйдик сылдьан, элбэҕи, саҥаны билэн-көрөн кэлбиппэр  олус күүскэ махтанабын. Бу айан — мин олоҕум саамай умнуллубат кэрэ  күннэрэ.

***

“Йанги” ансаамбыл оҕолоро суруйаллар.
Кытайга умнуллубат кэрэ күннэр.

Мин аатым Куличкина Соня, Хаһааччыйа орто оскуолатыгар 10 кылааска үөрэнэбин. Саҥа дьыллааҕы каникулбар «Йанги» үҥкүү куруһуок оҕолорун кытта Кытайга баран улахан фестивальга кыттан кэллим. Наһаа үөрэн, астынан кэллим. «Йанги»  куруһуокка үксүн биһиги кылаас оҕолоро дьарыктаналлар. Быйыл эбии 9 кылаастан доҕотторбут киирбиттэрэ. Уопсайа 14 оҕо Кытайга баран кэллэ.

Биһиги бу үҥкүү куруһуогар сылдьыбыппыт быйыл уон сыла буолла. Ол иһин төрөппүттэрбит саҥа дьылынан Кытайга айан диэн умнуллубат бэлэх оҥордулар. Тас дойдуга сылдьан элбэҕи, саҥаны, кэрэхсэбиллээҕи биллим-көрдүм,  араас экскурсияларга, музейдарга сылдьыбыппын  хаһан да умнуом суоҕа.

Саамай сөбүлээбит, сөхпүт, долгуйбут түгэннэрим:

  1. Аан бастаан пуойаһынан айаннаатым, самолетунан көтөрдөөҕөр атын, арыый бытаан, элбэх сири көрөн ааһаҕын. Доҕотторбун кытта бииргэ икки хонук айаннаатым. Араас дьону көрүстүбүт. Онон пуойаһынан айанныыр үчүгэй баҕайы эбит. Уон сыл бииргэ үҥкүүлээбит доҕотторбун кытта олус бэһиэлэйдик айаммытын атаардыбыт. Бу күннэри хаһан да умнубаппын.
  2. 2. Кытайга улахан сыанаҕа аан бастаан таҕыстым, кыратык долгуйуу да баара. Ол эрээри үҥкүүлүү сылдьан киһи долгуйбута ааһан хаалар эбит. Ол оннугар үөрүү, доҕотторгун кытта бииргэ тэҥҥэ көтүү, онтон астыныы. Наһаа элбэх көрөөччү дохсун ытыс тыаһа, үөрүү хаһыыта аны да иһиллэр курдук. Аан бастаан итинник элбэх киһилээх саалы көрдүм, наһаа сөхтүм.
  3. 3. Кытай дьоно биһигини олус эйэҕэстик үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ, туохха барытыгар көмөлөһө сатыыллар.

Умнуллубат чаҕылхай күннэри бэлэхтээбит күндү дьоммор — учууталбар Дохунаева Лаурика Евгеньевнаҕа, ийэбэр уонна аҕабар улаханнык махтаныам этэ, олус таптыыбын, күүскэ сыллыыбын.

Күндү учууталым Лаурика Евгеньевна туох баар айан ыараханын барытын бэйэтин эппиэтинэһигэр ылан,  биһигини сири-дойдуну көрдөрөн аҕалбытыгар уонна тапталлаах дьонум айан кэмигэр харчыны көрдөөтөхпүт аайы  төлөөн,  туохтан да толлубакка ыыппыттарыгар наһаа үөрдүм. Бу ыраах дойдуга айаннаан кэлбит бырайыаспыт, олорор, аһыыр ороскуотун, барытын дьоммут төлөөтүлэр. Кинилэргэ кытаанах доруобуйаны, дьолу эрэ баҕарабын.

Читайте дальше