Алтынньы 14 күнүгэр Уйаандьы ситэтэ суох орто оскуолатыгар күн күбэй ийэлэргэ аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Тэрээһин бастакы түһүмэҕэр оскуола иннинээҕи саастаах «Нолтэнкэ» бөлөх оҕолоро уонна үөрэнээччилэр ийэлэрин эҕэрдэлээн хоһоон аахтылар, ырыа ыллаан дьиэрэттилэр, бэйэлэрэ оҥорбут открыткаларын бэлэх ууннулар.
Иккис түһүмэххэ ийэлэргэ аналлаах «Илиибит сылааһынан харысхал тигии» маастар-кылаас ыытылынна. Маастар-кылааһы нэһилиэк эмтиир-томтуур пуунун сэбиэдиссэйэ, Уйаандьы дьахталларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ, талааннаах Далбар хотун Ньургустаана Васильевна Румянцева иилээн-саҕалаан ыытта.
Ийэлэр бу тэрээһиҥҥэ ирэ-хоро кэпсэтэн, дуоһуйа сынньанан, тикпит харысхалларын бэлэх ылан үөрэн-көтөн, астынан дьиэлэригэр тарҕастылар. Маннык көдьүүстээх, туһалаах тэрээһиннэр өссө да инникитин буола туруохтара.
Ийэ буолуу дьолун билбит күн күбэй ийэлэри, далбар хотуттары ийэлэр күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Күн күбэй ийэлэр! Холумтаҥҥыт куруук сылаас буоллун, эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар дьаҥ-дьаһах сыстыбатын, ыарыы ыалласпатын. Туппуккут тупсан истин, күннээҕи түбүккүт истиҥ сыһыантан чэчирии сайыннын, аламай күҥҥүт сыдьаайа тыктын, алаһа дьиэҕитигэр дьол, таптал уйаланнын, ыччат дьоҥҥут ымыылаах буоллуннар, бэйэ-бэйэҕэ өйөбүллээх буолуҥ, оҕолоргут ситиһиилэринэн кынаттанан, олоххут кэрэни эрэ кэрэһэлээтин, кэскили эрэ түстээтин, үөрүү үктэллээх, дьоллоох олох аргыс буоллун, дьол-соргу тосхойдун!
Альбина Колесова, алын сүһүөх учуутала