Хайыр нэһилиэгин олохтооҕо Слепцов Павел Петрович — «Күтүөт Байбал» 90 сааһын туолла

Хайыр нэһилиэгин олохтооҕо Слепцов Павел Петрович - «Күтүөт Байбал» 90 сааһын туолла

Сыл аайы биһиги, Хайыр олохтоохторо, үөрэнээччилэрэ “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэҥҥэ олоҕуран ытык-мааны кырдьаҕастарбытыгар кэпсэтэн-ипсэтэн, ыалдьыттаан, кэс тылларын, алгыстарын ылан  үйэтитэр идэлээхпит.

Ытыктыыр киһибит Слепцов Павел Петрович быйыл үбүлүөйэ — тоҕус уон сааһын туолар.

Кинини нэһилиэк дьоно убаастаан «Күтүөт  Байбал»  диэн  ааттыыр эбиттэр. Омолойго Павел Петрович олоҕун, үлэтин-хамнаһын  туһунан, оччотооҕу кэмнэрин ахтан ааһыахпыт.

Кини  1934 с. алтынньы 1 күнүгэр Верхоянскай  оройуонун  Боруулаах  нэһилиэгэр  күн  сирин  көрбүт. Дойдутугар 1945 с. диэри олорбут. Бииргэ төрөөбүттэр 14 эбит. Ол ыар сылларга, ол 14 оҕоттон 7-тэ ордон хаалбыт. Аччыктааһын, тоҥуу-хатыы, ыарыы содула, ыарахан кэмнэр сатыылаабыттара.

Олох-дьаһах ыараханыттан 1949 с. 8-с кылааһы бүтэрэн үлэлииргэ сананан, почтаны арыаллааччынан үлэҕэ киирэр. Дьэ бу мантан саҕаланар Павел Петрович үлэтэ, олоҕун оҥкула.

Усуйаана тыйыс айылҕата, өрө харбаһар таастара, тунал туундарата кини уйулҕатын хамсаппыттара. Айылҕа ыар тыынын тулуйар туһугар, аһынары билбэт хотугу силлиэ-буурҕаҕа төһөлөөх үлүгэр сору-муҥу, эрэйи- кыһалҕаны көрсүбүттэрин сэрэйиэххэ эрэ сөп.

Дьылҕа хаан ыйыытынан 1952 с. Усуйаанаҕа тиийэн кэлэр.

1952 с. Магадантан «Дальстройпроект» экспедицияҕа үлэҕэ киирэр. Рабочайдыыр, сири-дойдуну көрөр, дьону кытта билсэр-көрсөр баҕата баһаам эбит. Бу экспедиция сыала-соруга Депутатскай уонна Уус-Куйга икки ардыгар массыына сылдьар суолун бырайыактыахтаах эбит. Ол үлэлэрин 6 ыйынан бүтэрбиттэр. Депутатскай-Уус-Куйга суолун оҥорууга Павел Петрович өҥөтө баарын санаан көрүҥ! «Билигин биирдэ эмэ массыынанан айаннаан иһэн ол кэмнээҕи сыллары ахтан-санаан аастахпына, ыарахан сыралаах үлэни үлэлээбит эбиппит. Ол да буоллар эдэр сылдьан «Мин бу суолу тутуспутум диэн киэн тутта саныыбын», — диир Павел Петрович.

Омолой нэһилиэгэр станцияны туруоран үлэлэтэргэ диэн соруктаан ыыталлар, 1 сылга диэн. Ону баара дьылҕатын, кэрэ аҥаарын көрсөн ыал буолан олоҕун оҥостон хаалар. Кинини кыс ортото Хаһааччыйаттан оччотооҕу колхоз бэрэссэдээтэлэ Василий Иванович Барабанскай табанан аҕалбыта.

Тыа сирин дьонун олоҕун, үлэтин усулуобуйатын төрдүттэн тупсарыы ол саҕана улахан суолталаах сорук турар этэ. Тыа киһитин олоҕор-дьаһаҕар цивилизация бытааннык да буоллар киирэн испитэ. Павел Петрович ахсаабат дьулуура, модун санаата, сүҥкэн айар дьоҕура бөһүөлэк дьонугар-сэргэтигэр туох баар кыаҕынан көмөлөспүтүнэн барбыта.

Кини  Хайырга 1955 с. кэлэр. Оччолорго үгүс ыал кырса сыатын уулларан ыһыырынньык уотунан олороллоро. Чүмэчи кэмчи буолан, оскуолаҕа эрэ уматаллара. Кыраһыын лаампата хонтуора дьиэтигэр уонна биир эмэ сэнэх ыалга баар буолара. Дьэ оннук кэмҥэ “Ильич уотун” аҕалбыт киһинэн күтүөт Байбал буолар.

Байбал Хайыр дэриэбинэтин кыракый ампаар дьиэлэрин икки ардыларыгар уһун мастары туруоран, арааһа, анаан кэрдэн аҕалбыта быһыылааҕа, атаҕар тимир “тыҥыраҕы” кэтэн ол остуолбаларыгар хатаастан тахсан чааскылары иилэн, онно тимир быаны иилэн икки утаҕынан тардан, хас дьиэ аайы элбэх суулаах боробулуохалары тардан, уһугар култаҕар таастары иилитэлээн кэбиспитэ. Биир ампаарга улахан баҕайы мотуору туруоран, оһох оттон сылытан баран собуоттаан тигинэппитэ. Ол мотуор тыаһыттан, аны ол култаҕар таастарбыт сып-сырдык уоттарыттан бары да соһуйан, харахпыт саатан иэдэйэ сыспыппыт.

Биһиги Байбалбыт ол бастакы Ильич уотун биэрбит Л-3, Л-5 мотуордарын кэлин оҥочоҕо хатаан  бастакы уу көлөлөрүн оҥорбута.

Кэлин мин аҕам муора кытылыттан шлюпка булан аҕалбытын, ону кыһын таба сыарҕатыгар тиэйэн аҕалан, сайыныгар Л-12 диэн 4 цилиндирдээх, 12 ат күүһэ күүстээх, ити аныгы үйэҕэ туттуллар БМК диэн буксирнай катер курдук оҥорон, онно атын оҥочону баржа оҥостон, эбии тыылары холбоон, соһон Омолой өрүскэ бастакы борохуоту оҥорбута.

Байбал дьиҥ “көмүс тарбахтаах” киһи, араас мотуору, тракторы, дизель двигателлэрин ыһар-хомуйар эрэ буолбакка, дьиэ иһигэр баар бытовой техниканы, хары чаһыытыттан саҕалаан радионы, магнитофону кытта оҥорор буолбута. Бу кини үлэҕэ дьүккүөрүн, барыга бары сыстыһаҕын, билиэн-көрүөн баҕалааҕын, мындыр өйдөөҕүн көрдөрөр, — диэн кэпсиир Павел Петрович кэргэнин Екатерина Петровна быраата Слепцов Алексей Петрович.

Маны таһынан Слепцов Павел Петрович бастаабыта элбэх, кини 1957 с. аан бастакы көтөр аал Ан-2 самолет пассажира буолан Тиксииттэн кэлэн Хайырга авиапорду арыйаллар. 1967 с. бастакы ДТ-75 тракторы Казачьеттан сүүрдэн аҕалар.

Дьэ бу кэмнэртэн эрэ таба көлөттөн көһөн, самолетунан, массыынанан почтаны, дьону таһаҕаһы тиэйэр-таһар буолбуттара.

1967 с. киномеханик идэтин баһылаан союз эстиэр диэри киинэҕэ үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар.

Аҕыс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үлэһит дьон оҥортууллар. Павел Петрович олоҕун билигин уон сиэн, сэттэ хос сиэн сэргэхситэллэр, үөрдэллэр-  көтүтэллэр.

Павел Петрович: “Бу дьалхааннаах олохтон үчүгэйи, сырдыгы, туһалааҕы эрэ ыралаан үүнүҥ-сайдыҥ, олоҕу уһансыҥ, төрөөбүт дойдугутун таптааҥ-харыстааҥ, кыһамньылаах хаһаайын буолуҥ!” — диэн ыччакка баҕа санаатын тиэрдэр.

Павел Петрович Слепцов килбиэннээх үлэтин туоһулуур элбэх наҕараадалардаах, мэтээллэрдээх.

Махтал эйиэхэ, ытык киһибит. Үбүлүөйгүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Дьоҥҥор, доҕотторгор ыллыктаах ыраас ыра санааларгын, олоххо үтүө көрүүлэргин үөрэ-көтө утары ууна сылдьаргыттан үөрэбит. Олоҕуҥ тухары үтүөнү үксэтэр, кэрэни кэрэхсиир олоҕуҥ аймах-билэ дьоҥҥор, оҕолоргор, сиэннэргэр, хос сиэннэргэр холобур буолан, үтүө сүбэһит-амаһыт буолан кинилэр тапталларыгар уйдаран уһун дьоллоох олохтон. Эйигин дойдуҥ күөх айылҕата, ыраас уулаах күөллэрэ, ыллыыр нэлэмэн туундаралыы араҥаччылыы-арчылыы сырыттыннар диэн алгыстаах санаабытын тиэрдэбит.

«Бастакылар хамсааһын-нара» оҕо уонна ыччат улуустааҕы салаатын  Хайырдааҕы отделениета

 

Читайте дальше