Быйыл 2024 сыл хомоҕой хоһооҥҥо, ылбаҕай ырыаҕа ылланар, арылыйа дьиримниир уулаах Дьааҥы эбэ үрдүгэр, үгүс үйэлэргэ хоһуун дьонунан аатырар Усуйаана улууһун кырдьаҕас Хаһааччыйа нэһилиэгэр сырдыгы, үөрэҕи тарҕатар оскуола аһыллыбыта 150 сылын туолар үөрүүлээх үбүлүөйүн бэлиэтиир. Бу биһиэхэ барыбытыгар, оскуолаҕа өр кэмҥэ үлэлээбит учууталларга уонна үөрэммит оҕолорго, олус долгутуулаах бэлиэ түгэн буолар.
Ытык Хаһааччыйа орто оскуолатыгар уһуйуллан, билии-көрүү эбинэн, кынат үүннэрэн, олох киэҥ аартыгар тахсан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр аатырбыт талааннаах үөрэнээччилэр элбэхтэр. Кинилэртэн биир саамай чаҕылхайдара, уһулуччу талааннаах учуонай, Саха сиригэр Сэлии (мамонт) түмэлин бастакы директора Семен Егорович Григорьев этэ. Кини кылгас да буоллар, хотугу сулустуу чаҕылыйан, сырдык мичээринэн күлүмнээн, умнуллубат олоҕу олорон ааспыт күндү үөрэнээччибит буолар.
Сэмэн Григорьев алын кылаастан Хаһааччыйа орто оскуолатын киэн туттар үөрэнээччитэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ сүрдээх эйэҕэс, билиигэ-көрүүгэ дьоҕурдаах, үтүө санаалаах уолчааны дьон таптаан Сэмэнчик дииллэрэ.
Ийэтэ Мария Семеновна биология, химия учуутала, оскуола завуһа, аҕата Егор Михайлович математиканы үөрэтэр. Биһиги, оскуола учууталлара, киэһэ хойутаан бүтэбит. Сороҕор Мария Семеновналаахха киирэн чэйдээн ааһарбыт. Ол кэмҥэ, хараҥа быыһынан дьиэҕэ тиийэр кэммитигэр, Сэмэнчик тахсан фонаригы тыктаран, суолбутун сырдата турар буолааччы. Оскуоланы бүтэрэр сылларыгар саха тыла диэн предмети бары кылааска үөрэтэр буоллубут. Ол иннинэ саха уонна нуучча кылааһа диэн арахсаллар. Сэмэнчиктээх нуучча кылааһыгар үөрэнэллэр. Саха тылын уруога эбии киирбитигэр, бэрэбиэркэлиир дьыктаан суруйдулар. Онно кылаас оҕолоруттан Сэмэнчик эрэ биир да сыыһата суох суруйан, «туйгун» сыана ылан соһуппута. Ааҕара да үчүгэй этэ. Кини бэйэтэ сахалыы кинигэлэри, хаһыаты ааҕа, суруйа үөрэммит эбит этэ. Ол курдук билиигэ-көрүүгэ дьоҕурдаах, айылҕаттан айдарыылаах оҕо оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэн, сотору кэминэн биолог идэтин баһылаабыта уонна учуутал, ученай быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Семен Егорович олоҕун кэнники сылларын палеонтологияҕа анаабыта. Плейстоцен саҕана олоро сылдьыбыт кыыллары үөрэтиинэн дьарыктаммыта. Саха сирин араас муннуктарыгар тиийтэлии сылдьыбыта. Ол эрээри, Усуйаана улууһуттан саамай элбэх былыргы кыыл араас көрүҥэ көстүбүтэ, сөҕүмэр арыйыылар оҥоһуллубуттара. Сүрүннээн, Дьааҥы өрүс тардыытынан, Лаптев муоратыгар баар арыыларга тиийэ чинчийбиттэрэ. Экспедиция састаабыгар бииргэ үлэлиир коллегалара: Арассыыйа, омук дойдутуттан кэлбит учуонайдар уонна Нуучча географическай обществотын чилиэннэрэ.
Ити кэмнэргэ биһиги Сэмэнчикпит Бүтүн Арассыйаҕа, аан дойдуга биллэр улахан суолталаах арыйыылары оҥорор сүҥкэн үлэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар, онтон Мамонт (Сэлии) түмэлин салайааччыта буола үүммүтэ.
Семен Егорович улахан үлэһит, учуонай да буоллар, биһигини кытта сибээһин быспатаҕа. Оҕо сааһа ааспыт Хаһааччыйатыгар, оскуолатыгар, бииргэ үөрэммит доҕотторугар, учууталларыгар өрүү кэлэн билсиһэн барара, туох кыалларынан көмөлөһө сатыыра. Ол курдук, Хаһааччыйа оскуолатын оҕолорун кытта көрсүһэн, научнай үлэни оҥорорго элбэх сүбэни биэрэрэ, кэпсиирэ, үөрэтэрэ.
Ити кэмнэртэн Хаһааччыйа оскуолатын үөрэнээччилэрэ араас таһымнаах научнай- практическай конференцияҕа ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Холобур, Слепцов Алексей, 9 кылаас үөрэнээччитэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Бүтүн Россиятааҕы НПК кыайыылааҕа буолан, Южнай Кореяҕа баран «Молодой ученый» НПК ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэ. Алексей оскуоланы бүтэрэр сылыгар «Знанием победишь» диэн күрэхтэһии лауреата буолан, М.Е. Николаев аатынан бириэмийэҕэ тиксэн үөрүү өрөгөйүн билбитэ.
Манна эбии биир дьикти түгэни өйдөөн кэлэбит. Ол курдук, Алексей саҥа күн сирин көрөр кэмэ олус ыараханнык саҕаламмыта. Оҕо төрүүрүгэр улахан травма ылан, ыарахан туруктаах диэн быраастар эбии ыарахан сыаналаах эми көрдөтөллөр. Биир ампула 3000 солкуобай, оччолорго наһаа ыарахан сыана, уонна Дьокуускай ханнык аптекатыгар баара биллибэт. Бары көрдүү сатыыбыт. Бу күннэргэ хайаан да үс ампуланы булуҥ, Москваҕа сакаастыахха син дииллэр. Бу кэмнэргэ Семен Егорович сүүрэн-көтөн, ол күн үс ампула, абыраллаах эмпитин, булан быраастарга бэйэтэ илдьэн биэрбиттээх. Онон саҥа төрөөбүт Алексей уол тыыннаах хаалар уонна оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэн ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр.
Ити курдук Семен Егорович Григорьев олус эйэҕэс, үтүө санаалаах, мэлдьи сырдык мичээр аргыстаах, хоту дойду хоһууна, саха норуотун чулуу уола буолар. Киниэхэ биһиги махталбыт муҥура суох улахан. Хаһааччыйа орто оскуолатын «Дьааҥы кэскилэ» Юнармия уолаттара Семен Егорович Григорьев олоҕун анаан үөрэтэн, 2022 сыллаахха учуонай Сэмэн Григорьевка аналлаах литературнай композиция туруоран, Саха сирэ 100 сылын көрсө, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уоланнар ааҕыыларын күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Билигин Семен Егорович кэрэ мөссүөнэ биһиги оскуолабытыгар баар, сырдык, сылаас мичээринэн өрүү кэрэҕэ ыҥыра, сыдьаайа турар.
Розалия Горохова, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ,
эдэр ыччат политикатын туйгуна, методист, наставник учуутал, үлэ бэтэрээнэ