Эбээн омук төрүт талаана Максим Дуткин: “Норуот ситимэ быстыбатын”

Эбээн омук төрүт талаана Максим Дуткин: “Норуот ситимэ быстыбатын”

Хайырга буолан ааспыт “Хэбдэнэк” бырааһынньыкка СӨ культуратын үтүөлээх  үлэһитэ, мелодист-автор, нимкалан-сэһэнньит, “Доткиль” фольклорнай ансаамбыл салайааччыта, эбээн омугун төрүт талаана Максим Дуткин кэлэн кыттан, бу тэрээһини олус киэргэппит. Биһиги Максим Ильиһы кытта көрсөн кэпсэттибит, кини бэйэтин уонна айар үлэтин туһунан кэпсээнин маннык саҕалаата:

«Мин Усуйаана улууһугар бу 4-с сырыыбын кэллим, бу сырыыга ыҥырыылаах ыалдьыт буолан Хайыр нэһилиэгэр ааспыт “Хэбдэнэк” бырааһынньыкка кыттан, үөрэн-көтөн, сүргэм көтөҕүллэн кэллим.

Эбээн омук төрүт талаана Максим Дуткин: “Норуот ситимэ быстыбатын”

Бэйэм туспунан кылгастык сырдатар буоллахха – мин 1968 сыллаахха Аллайыаха улууһун Ойотуҥ нэһилиэгэр Мария Ивановна, Илья Иванович Дуткиннар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтүм. Аҕабын мин кырабар “Аллайыаха” сопхуос таба ыстаадатыгар биригэдьииринэн анаабыттара. Онтон ыла уйаара-куйаара биллибэт, киэҥ нэлэмэн туундара устун көс олохпут саҕаламмыта.

Оскуоланы бүтэрэн баран биир сыл сопхуос пошивочнай мастерскойугар үлэлээбитим, 1986-1988 сылларга армияҕа сулууспалаабытым. 1990-1993 сыллардаахха ыраах Биробиджан куоракка Хабаровскайдааҕы краевой культура колледжыгар хореограф идэтин үөрэнэн баһылаабытым.

Үөрэҕим кэннэ Аллараа Халымаҕа, Чэрскэйгэ колледжка ананан идэбинэн үлэлии тиийбитим. Онно  “Сияние Севера” диэн ааттаах эдэр ыччат ырыатын уонна үҥкүүтүн ансаамбылын тэрийбитим. Бу ансаамбыл кыттыылаахтарын кытта  Аллараа Халыма бары нэһилиэктэригэр, Чукотскай автономнай уокурукка  хостуруоллаабыппыт.

Эбээн омук төрүт талаана Максим Дуткин: “Норуот ситимэ быстыбатын”

1995 сыллааха төрөөбүт улууспар Аллайыахаҕа төннүбүтүм, Чокурдаахтааҕы оҕо музыкальнай оскуолатын хореографическай уонна фольклорнай салааларыгар преподаватель быһыытынан, “Северяночка” хореографическай ансаамбыл салайааччытынан үлэлээбитим.

Сотору оскуола иһинэн “Осикат-кан” диэн эбээн-юкагир оҕо фольклорнай ансаамбылын тэрийбитим, бу ансаамбыл күүскэ сайдан үлэлииригэр элбэх сыраны уурбутум. Ол үлэм түмүгэ — “Осикат-кан” элбэх араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан, үгүс ситиһиилэммитэ, кыайыыламмыта, биһиги айар үлэбит дьоҥҥо биллибитэ. Бу кэмнэртэн саҕалаан кыра-кыралаан хоһооннору суруйарынан, мелодиялары айарынан дьарыктаммытым. Бэйэбит улууспутугар аҕыйах ахсааннаах норуоттар фольклордара, культуралара сайдарыгар, тыл үөрэтиитигэр элбэх үлэни ыытарбыт, общественнай  үлэ чэрчитинэн эмиэ элбэҕи оҥорбуппут.

Билигин Аллайыаха улууһун “Инди” этно-культурнай киинигэр информационнай-методическай салаа сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьабын, “Доткиль” фольклорнай төрүт уус ансаамбыл салайааччыта буолабын. Уонна саамай сүрүн киэн туттуум диэн — мин үөрэнээччилэрим, үөрэппит-такайбыт оҕолорум. Хаһан баҕарар үөрэппит оҕолорбун умнубаппын, элбэх оҕо мин биэрбит үөрэхпиттэн, ол билииттэн куорсун анньынан, кынат үүннэринэн культураҕа сыһыаннаах үлэҕэ сылдьаллар. Кинилэр суолларыгар арыалдьыт курдук буолабын, суолларын арыйан биэрбит киһи, наставник быһыытынан сылдьабын.

Ити курдук, улууска эрэ буолбакка, улуустар икки ардыларынан, республикаҕа Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттар тэрээһиннэригэр куруук кыттабын, фольклору, тылы, культураны өрө тарда, киэҥ араҥаҕа тарҕата сатыыбын.

Эвенский праздник "Хэбдэнэк-2024" в Хайыре собрал гостей из четырех районов

***

Биһиги Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциация иһинэн культурнай-этнографическай экспедиция тэрийбиппит, ол экспедиция чэрчитинэн Халыма-Дьааҥы- Индигир бөлөх улуустарын кэрийэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын, культураларын үөрэтиигэ пропаганданы, тылы харыстааһыҥҥа уонна үөрэтиитин сайыннарыыга мониториҥнары  ыыппыппыт.

Ол курдук Аллайыаха, Абый, Муома, Өймөкөөн, Усуйаана, Орто, Аллараа Халымалар улуустарыгар сырыттым, итиэннэ быйыл Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүгэр бара сылдьыбытым, ол иннинэ Эбээн-Бытантайга тиийбитим.

Ол сылдьан үөрэтэн көрдөххө маннык эбит. Ити ааттаабыт сирдэрбэр барытыгар былыр-былыргыттан эбээннэр биир ситимҥэ көһө сылдьыбыттар, онтон ааспыт үйэ 30-с сылларыгар оройуоннааһын (районирование) буолбутугар, араарсан хаалбыттар эбит. Ол саҕана табанан, ытынан көһө сылдьан олорор дьон кыраныысса диэни тутуспаттар, онон түөрт хоту өрүс сүнньүнэн: Халымаҕа, Индигиркаҕа, Дьааҥыга, Омолойго — барытыгар аймахтара бааллар эбит. Үксүн өттүгэр дьиэ-кэргэн укулаатынан, сыһыаннаһыы быһыытынан бу сирдэргэ тиийэн кэргэн кэпсэтэн-ылан, сыбааттаһан бу ситимнэрэ тэнийбит эбит. Итини барытын үөрэтэргэ, саҥаны арыйарга олус кэрэхсэбиллээх, кэскиллээх дьыала.

***

Бу сырыыга мин коллегаларбынаан — Ирина Дускулованы, Татьяна Соросова-Балаганчигы кытары Депутатскайга муус устар 2 күнүгэр көтөн кэлбиппит. Муус устар 4 күнүгэр мин уонна биллиилээх этно-ырыаһыт Ирина Дускулова Депутатскай библиотекатыгар тэриллибит көрсүһүүгэ кыттыыны ылбыппыт.

Эбээн омук төрүт талаана Максим Дуткин: “Норуот ситимэ быстыбатын”

Онно мин быйыл саҥа таһаарбыт “Нечэ хечэ” диэн ааттаах бастакы хомуурунньук-кинигэм сүрэхтэниитэ, презентацията  буолан ааспыта. Бу кинигэбэр бэйэм хоһооннорбун, ырыаларбын мунньан оҥорон таһаартарбытым. Кинигэҕэ тиһиллибит сорох ырыаларбын эстрадабыт биллиилээх ырыаһыттара Саина, Дмитрий Лебедев уо.д.а. ыллаан дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕаммыттара, биллибиттэрэ миигин үөрдэр. Кинигэ биир уратыта диэн хас ырыа кэнниттэн  мелодията нотанан таһаарыыта баар, ону таһынан куар-кодтаах, телефонунан ол куар-коды хаптаран бу ырыалары истиэххэ сөп.

Көрсүһүү кэнниттэн оскуолаҕа Людмила Устинова салайан ыытар куруһуогун  оҕолорун кытта, оҕолорго төрөөбүт төрүт эбээннэрин тылыгар интэриэс, сэҥээрии баар эбит диэн бэлиэтээн онтон олус үөрдүм.

Ону таһынан, маннааҕы краеведческай музейга сылдьан көрдүм-иһиттим, олус кэрэхсээтим, бу экспонаттары туһанан көһө сылдьар (передвижной), кочевой түмэл буолара буоллар, республика атын улуустара Усуйаана историятын кытта үчүгэйдик, сиһилии билсиэ этилэр дии саныыбын. Уопсайынан, улууска баар культура, үөрэх эйгэтин тэрилтэлэригэр — культура управлениетыгар, искусство оскуолатыгар, библиотекаҕа сылдьан, үлэлэригэр олус бэриниилээх дьон үлэлииллэр эбит диэн сыаналаатым.Эбээн омук төрүт талаана Максим Дуткин: “Норуот ситимэ быстыбатын”

***

Ол кэннэ Хайырга айаннаан тиийэн, “Хэбдэнэк” диэн аан маҥнай ыытыллыбыт бырааһынньыкка кыттан сүргэм көтөҕүлүннэ, үрдүк таһымҥа ааспыт тэрээһинтэн, ыалдьытымсах олохтоохтортон наһаа астынным. Бырааһынньык программата олус киэҥ буолла, быыстала суох бииртэн-биир тэрээһин буолан истэ.

Бастакы күммүтүгэр олус сиэдэрэй, үчүгэй оҥоһуктардаах быыстапканы көрдүбүт. Мин манна эмиэ “Нечэ хечэ” кинигэм туһунан, айар үлэм туһунан билиһиннэрдим. Хабарҕа ырыатыгар (горловое песнопение) мастер-класс ыыттым, дьон эмиэ истэн олус сэргээтилэр.

Иккис күҥҥэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга Хэбдэнэк аһыллыытыгар,  бу бырааһынньыкка мустан кэлбит дьоҥҥо эбээн культуратын билсиһиннэрэн, элбэх араас төрүт сиэри-туому ыыттым. Уопсайа түөрт сиэри-туому тутуһан оҥордум, холобур, дэбдиргэ баайыытын оҥордум, ол аата сир иччилэригэр ытыктабыл бэлиэтэ. Сэппэрээги буруолатан алгыстыы-алгыстыы чуораан тыастаах ыраастааһыны ыыттым. Уонна ону таһынан сээдьэ этэммин, дьон-сэргэ үөрэ-көтө ыллаһан, үҥкүүлэһэн, сээдьэбит табыллан кыттыылаахтар астыннылар.

Биир саамай сэргэх тэрээһининэн түөлбэлэр күрэхтэһиилэрэ буолла. Манна Хайыр дьоно олус күргүөмнээхтик бэлэмнэммиттэр – хас түһүлгэ аайы ас арааһа, быыстапка сиэдэрэйэ, көстүүм-таҥас мааныта кэтэһэрэ. Хаһаайкалар бииртэн биир деликатес аһынан ыалдьыттары күндүлээн сөхтөрдүлэр, араас күрэхтэргэ кыттан сатабылларын көрдөрдүлэр.

Эбээн омук төрүт талаана Максим Дуткин: “Норуот ситимэ быстыбатын”

Итиэннэ «Урунни давлавун» — “Үөрүү ырыалара” диэн ырыа күрэҕэр жюрилаатым, манна кыттыбыт конкурсаннартан наһаа үөрдүм, конкурс элбэх үчүгэй эмоцияны, иэйиини бэлэхтээтэ. Саамай астыммытым диэн олохтоохторго эбээн тылыгар, культуратыгар кэрэхсээһин, сэргээһин баар эбит.

“Айыке, эведы тэты» этно-мода куонкурсугар эмиэ кыттыылаахтар, модельердар олус күүскэ бэлэмнэммиттэр. Араас дьэрэкээн таҥастар, үчүгэйкээн көстүүмнэр көрөөччүлэри кэрэхсэттилэр, дьон хайҕабылын ылыахтарын ыллылар.

Уопсайынан, Усуйаана улууһугар бастакытын ыыттыллыбыт “Хэбдэнэк” үрдүк таһымҥа ааста диэн санаабын этэбин. Түмүкпэр этиэм этэ — бу маннык национальнай, төрүт бырааһынньыктар дьоҥҥо омук быһыытынан бэйэни өйдөөһүн престииһэ, нууччалыы эттэххэ, “престиж самосознания народа” үрдүүрүгэр, тарҕанарыгар төрүөтү биэрэр. Ол улахан суолталаах, чуолаан, ордук кэлэр, үүнэн эрэр эдэр көлүөнэҕэ.

Онон Усуйаана улууһугар инникитин да маннык бырааһынньыктары, аҕыйах  ахсааннаах норуоттар культураларын сайыннарар, киэҥ араҥаҕа таһаарар тэрээһиннэри ыытыаххытын сөп эбит. Аны даҕаны аҕыйах ахсааннаах норуоттар культураларыгар сыһыаннаах нэһилиэнньэни көҕүлээн, кыттыннаран араас бырайыактары оҥоруохха, саҥаны айыахха, олоххо киллэриэххэ наада. Оннук үлэ бардаҕына, норуот ситимэ  быстыа суоҕа, салҕанан, сайдан, өрө тахсан иһиэ.

Уонна бу сырыыбыттан Усуйаана улууһун дьонугар-сэргэтигэр, Хайыр нэһилиэгин олохтоохторугар, итиэннэ улуус культуратын уонна духуобунай сайдыы управлениетын үлэһиттэригэр, коллективка, салайааччытыгар Аполлон Болтуновка барҕа махталбын тиэрдэбин, кытаанах доруобуйаны, инники сайдыыны, кэскили, табыллыыны баҕарабын!

Бэлэмнээтэ Надежда Петрова

Читайте дальше