Депутатскайдааҕы музейга культура туйгуна Ирина Абрамова тус малларын бэлэхтээтэ

Депутатскайдааҕы музейга культура туйгуна Ирина Абрамова тус малларын бэлэхтээтэ

Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Депутатскай бөһүөлэгэр Киин библиотека иһинэн үлэлиир “Наследие” музейга Дьокуускай куорат олохтооҕо, Туматтан төрүттээх Ирина Абрамова ыҥырыылаах ыалдьыт буолан кэлэ сырытта, библиотека үлэһиттэрэ ыыппыт истиҥ тэрээһиннэригэр ыалдьыттаата.

Биһиги улууспутугар Ирина Васильевна Абрамованы билбэт киһи суоҕа буолуо. Кини — Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун уус-уран салайааччыта, Саха Республикатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Республикатын культуратын туйгуна, Саха Республикатын мелодистарын союһун чилиэнэ, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Үгүс наҕараада, мэтээл, грамота, диплом, кубок, өйдөбүнньүк бэлиэ хаһаайката, элбэх киһи сөҕө-махтайа көрөр улахан коллекция диэххэ сөп. Өссө икки сыллааҕыта Елена Горохова (“Металлург” культура дьиэтин директора) киниэхэ дьиэтигэр ыалдьыттыы сылдьан, бу бачча элбэх наҕараадаҕыттан сороҕун Депутатскайдааҕы түмэлгэ туттарбаккын дуо диэн этии киллэрбитин, сэргии истэн “кырдьык даҕаны, дьон-сэргэ көрө сырыттын, кэрэхсээтин” диэн санааттан бу бүгүн музейга үөрүүлээх быһыыга-майгыга тус малларын туттара кэлбитин Ирина Васильевна сэһэргээтэ.

Депутатскайдааҕы музейга культура туйгуна Ирина Абрамова тус малларын бэлэхтээтэ

“Усуйаана улууһугар, Тумат нэһилиэгэр төрөөн, быыкаайык хоту нэһилиэктэн тахсан, культура эйгэтигэр киэҥ суолга дабайбыт дьон буолабыт. Былырыын культура эйгэтигэр үлэлээбитим 50 сылын бэлиэтээбитим, онтон быйыл тохсунньуга Туматынан, Хаһааччыйанан, Усуйаананан сылдьан 75 саастаах юбилейбын көрүстүм, дьоро киэһэлэри ыыттыбыт”, — диэн кэпсиир Ирина Васильевна.

Кини айар киэһэлэрэ бу ааттаммыт нэһилиэктэргэ үрдүк таһымнаахтык  ыытыллыбыттарын туһунан биһиги хаһыаппыт кыһын сырдатан турар. Биир дойдулаахтара юбиляршаны дириҥник ытыктыыллар, киэн тутталлар, биир тарбахха баттанар дэгиттэр талааннаах, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх патриот киһинэн ааҕаллар. Дойдутугар кэлэ сылдьан бэйэтэ айбыт ырыаларын ыллаан, үҥкүүлээн, кэнсиэртээн нэһилиэнньэни сэргэхситэн барар, араас тэрээһиннэри тэрийэн ыытар, күүс-көмө буолар.

Көрсүһүү кэмигэр Ирина Васильевна музейга туттарар тус малларын тустарынан кылгастык сырдатта, хаһан-ханна, туох иһин наҕараадаламмытын, билигин хайдах үлэлии-хамсыы сылдьарын кэпсээтэ, инники былааннарынан үллэһиннэ.

 

 

Ыҥырыылаах ыалдьыкка эҕэрдэ бастыҥын эттилэр, махтал суруктары, бэлэхтэри туттардылар Киин библиотека директора Туйара Семенова, “Металлург” культура дьиэтин директора Елена Горохова, ону таһынан эҕэрдэ, баҕа санаа тылларын тириэртилэр ыалдьыттар – культура управлениетын салайааччытын солбуйааччы Матрена Голикова, үлэ бэтэрээннэрэ, Ирина Васильевна доҕотторо — Александра Солдатова, Александра Жиркова, Зинаида Сыроватская.

Түмүккэ мустубут дьон ыраахтан кэлбит күндү ыалдьыкка өссө да айымньылаах үлэни, кытаанах доруобуйаны баҕардылар.  Онтон Ирина Васильевна бу маннык үчүгэй көрсүһүүнү тэрийбиттэрин иһин библиотека үлэһиттэригэр уонна бары кэлбит дьоҥҥо дириҥ махталын биллэрдэ.

Мирослава Федотова

Читайте дальше