Оҕо саас
1974 сыл. Кулун тутар 8 күнэ. Амма. Болугур. Аан дойду кэрэ аҥардарын үрдүк үөрүүлээх бырааһынньыктарын көрсө ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Кыыс Амма сааскы сэргэх тыалынан оонньуу, үрүҥ күн үгүс дьон үөрүүтүн түмэ сырдыы-сырдыы сыламын ыһа, мичээрдии-мичээрдии үрүҥ хаар үрдүгэр кырыа-кырылас күлүмнэри оонньото, дьон-сэргэ сүргэтин көтөҕө күлүмнүү-чаҕылла турбута.
Бу күн олохторун оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт Григорьевтар дьиэ кэргэннэригэр Сеня диэн — эһэтин аатынан ааттаммыт уол оҕо орто туруу бараан дойдуга күн сирин көрбүтэ. Ол онно. Ол онно Аан Алахчын Хотун хатыҥ чараҥ быыһыгар үөрэ-көтө тыалы кытта сырса сылдьан: Үтүө дойдуом, үөр-көт, кистэлэҥ баайдаах хара тыабытын, бараммат баараҕай дойдубут кистэлэҥин билиэх-үөрэтиэх оҕо-киһи сиргэ кэллэ — дии-дии дьиэрэҥкэй тэбэ оонньообута.
Хара тыа уһун үйэлээҕэ хара суор үрдүк тиит кылаан чыпчаалыгар олорон: уол оҕо улаата охсон киэҥ сири кэрийэ хаамар суолгар, көтөн ааһар түгэммэр аһатан ааһар, абыраллаах оҕом кэллэ, сиргэ түстэ, түөрэҕин олорто-дии-дии үөрэ-үөрэ түгэҕэ биллибэт баараҕай тииттэрин кылаан чыпчаалларын ойуулаах арҕастарын одуулуу олорбута. Сэргэх тыал чэбдик салгыны ыһа үтүө сонуну ийэ сир бары иччилэриттэн саҕалаан, үрдүк өһүө халлаан хартыгастарыгар олорор айыыларга тиийэ үтүө сураҕы тарҕата сүүрбүтэ. Оттон оҕолоох ыал үөрүүлэрин бар дьоно уруйдуу көрсүбүтэ, алгыстаах санаанан бу оҕо олоҕо саҕаламмыта.
Хаһан эрэ Кыыс Амма кытылларыттан Чурапчыга, Таатта үрэҕэр тиийэ тарҕанан олорбут үгүс-элбэх номохтоох, киэҥ сиргэ биллэр кэрэ кыргыттардаах, туора дьон толло көрөр толуу-мааны уоланнардаах Болугур сиригэр күнү көрбүт бу уол 4 ый устата өрүс ырыаҕа ылланар сылаас, ыраас уутунан сууммута, алдьамматах ийэ айылҕа чэгиэн-чэбдик салгынынан тыыммыта. Уонна Аммаҕа киинин түһэрэн, бастакы ыраас салгынын тыынан ийэлээх аҕатын алгыстаах санааларынан ийэтин дойдутугар Уус Дьааҥы Хаһааччыйатыгар барбыта. Барбыта түҥ былыргы үйэ кистэлэҥнэрин тоҥ мууһугар кистии сытар ураты дойдуга, саас-сааһынан арыйдахха, бука, сир ийэ айыллыбыт аар суола арыллыа эбитэ буоллаҕа буолуо… Кистэлэҥнээх дойду…
Эһээкий оҕо бэбээрэр куолаһа ыраах Усуйаана Хаһааччыйа сэлиэнньэтигэр иһиллибитэ. Онно олохтоох дьон, аймахтара Амма оҕотун үөрэ көрсүбүттэрэ. Өбүгэлэрин дойдуларыгар эргийбит оҕоттон сэмээр үтүө дьылҕаны билгэлииллэрэ. Бу уларыйа турар олоххо эргиччи бэлэмнээх буоларга иитэн-үөрэтэн, эрчийэн-такайан барбыттара. Оҕоттон саҕалаан оҕонньоругар тиийэ бэйэлэрин сэмэй билиилэрин бэлэхтээбиттэрэ, баай уопуттарын бэрсибиттэрэ. Ол курдук оҕо оонньоон сайдар үөрүйэҕинэн эттэххэ, сиргэ түспүт көҥдөй оҕото аартыгар аргыстаах, суолугар доҕордоох буоларынан, бастакы бу эйгэҕэ көрсүбүт, бииргэ оонньообут оҕолоро — Яна Баршуева уонна Вася Томскай.
Кыра сааһыгар иннэлээх сап курдук субуспут оҕото Яна бу уол улаатан болҕомтолоох, айар дьоҕурдаах, үлэҕэ, үөрэххэ кыһамньылаах буоларыгар, кэрэ да, чараас да эйгэҕэ сыстарыгар кыыс оҕо быһыытынан дьоно Алдаҥҥа көһүөхтэригэр диэри бэйэтин бэлиэтин хааллардаҕа. Бииргэ оонньуур доҕор буолан дьоллоох оҕо сааһын киэргэттэҕэ. Уунан да сууйдахха суураллыбат оҕо саас кэрэ кэмнэрин үтүө түгэннэрин сырдык өйдөбүлүн хаалларыспыта, тула эйгэлиин, бар дьоннуун алтыһар дьоҕурун сайыннарыстаҕа. Иитэр иэйиитин уран тыынын чочуйустаҕа…
Вася дьылҕа анал бэлэҕэ буолан арыый сүүрэр-көтөр сааһыгар, ону- маны айар, оҥорор, үтүктүһэ-үтүктүһэ сайдар кэмигэр арахсыспат аргыс буолан, доҕордоох дьоллоох буоларын туоһуластаҕа, өйөбүл, көмүскүүр күүс буолан саҥаны арыйыы абылаҥар киллэристэҕэ. Өйдөһүү, өйөһүү, бииргэ үлэлээһин, оонньооһун ситиһиилээх буоларыгар сүдү күүс буоллаҕа. Ол оҕо сааһын дьоло, сөптөөх суолу булан анал дьылҕатын арынарыгар аргыһа…
Оҕо барахсан анал аартыгар учуутал баара — биһиги ааспыт да, билиҥҥи да, кэлэр да кэмҥэ дьолбут. Учуутал тырымнатар ыраах ыҥырар ыралар сулустарын, кини кэпсиир кэрэ эйгэ киэргэммит киэлитин, кини бэрсэр киэҥ билии бараммат баайын, кини сирдиир оҕону сырдыкка, үрдүккэ, үтүөҕэ.
Учууталлыын өйдөһүөҥ — үтүө суолгун тутуоҥ. Ити олох кырдьыга.
Бастакы учуутал — үйэлээх ахтылҕан, төлкөнү ыйар суолдьут, ханнык да түгэҥҥэ сүбэһит. Оттон Сеня бастакы учуутала — Попова Ольга Прокопьевна. Сеня дьолугар, киэҥ суолга айанныыр аартыгар бэлэмнэнии кылаастан тута убайын кылааһыгар бастакы кылааска киирбитэ, убайын Петяны кытта бииргэ үөрэммитэ.
Икки уол үөрэҕи тута ылынан начальнай кылааһы туйгуннук бүтэрбиттэрэ. Үөрэх бастакы таһымыттан чиҥ билии, кыһамньы, бөҕө тулуур үрдүк таһымын ылыммыттара. Өссө Сеня Вера Ивановна Слепцова куукуланан театрыгар дьарыктанан саҥарар дьоҕурун сайыннарбыта, сахалыы да, нууччалыы да литератураны билэр, ааҕар, үөрэтэр суолга бигэтик туруммута. Онно олоҕуран үрдүкү да кылаастарга тыл үөрэхтэригэр үчүгэйдик үөрэммитэ. Оскуолатын аатын олимпиадаларга ситиһиилээхтик көмүскүүр буолбута. Уонна ис сүрэҕиттэн кыһаллан англия тылын үөрэппитэ, кэлин бу дьарыга үлэлииригэр көмөлөспүтэ.
Оскуолаҕа эргиччи дьарыктанар, барытыгар кыттар оҕоҕо оскуола педколлектива «Орленок» лааҕырга сынньанар путевканы биэрбитэ. Бу туспа суол, бу сайдыылаах оҕолор сырдык суолларыгар киэҥ эйгэҕэ тахсалларыгар бастакы дабайыы буолар. Мантан ылата Сеня дьылҕата дабайыыга, ол эбэтэр бииртэн биир таһымнарга тахсыыга салаллыбыта. Оттон онно бөҕө тирэх буолан иитиллибит ийэ сирин историята, олорон ааспыт дьон дьылҕаларын көрдөрөр олохтоох музей уонна чочураан таас хайалаах, кыракый хатыҥнаах, талахтардаах, былахтардаах туундара аҥардаах тыа, түгэҕэ көстүбэт бараммат туундара уонна ирбэт тоҥ Муустаах муора “кэл, бил, үөрэт” диирдии киэҥ сиринэн тайаан сыталлара. Туох эрэ биллибэт күүс биллибэти билэргэ ыҥырара, айылҕа кистэлэҥин арыйарга угуйара.
Оскуоланы бүтэрэн салгыы үөрэнэргэ ийэтэ анаан ылсыбыта, биологияны, химияны анаан үөрэппитэ. Нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Макарова Надежда Спиридоновна кылаас салайааччыта буолан Петялаах Сеня тус суолларын, үрдүккэ дабайар аартыктарын арыналларыгар сүдү күүс, уҕараабат өйөбүл буолбута. Онон эргиччи өйөбүллээх, өбүгэлэрин, тапталлаах Усуйаанатын сирин-уотун, дьонун-сэргэтин историятын, айылҕатын, айылгытын үөрэппит уол оҕо салгыы сайда, үөрэнэ дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэх туттара барбыта.
Кэннигэр сайыһа хаалбыттара истиҥ дьонноох Усуйааната уонна баай остуоруйалаах, үрдүккэ өрө аспыт Хаһааччыйата, оҕо сааһын уйата — оскуолата. Онно оҕо саас сырдык өйдөбүлэ буолан ойууланан хаалбыта ийэтин кытта пельмень, бэрэски астыыра. Ийэтин астыммыт уонна үөрбүт хараҕа. Бииргэ үөрэмит оҕолорун, учууталларын хаартыскалара, былыр олорон ааспыт ытык кырдьаҕастарын, өбүгэлэрин ойуулара, кинилэр тустарынан номохтор дуорааннара. Арай туох эрэ төттөрү ыҥырар улуу күүс тунаар, туйгун хаардаах туундара сиригэр баара. Ону сүрэҕэ сэрэйэрэ, киэҥ туундара ыҥырара, ыҥырара…
Үрдэллэр. Үрдүккэ ыҥырар үрдэллэр дабайыыны ирдииллэр. Бииртэн биир солбуйсан күн сырдыгар сирдииллэр. Сеня — Семен Егорович оҕо сааһын үрдэллэрин дабайан эрчимнээх эдэр саас эйгэтигэр киирбитэ, эккирэтиһэн, дьаныһан сайдар саха ытык суолун туппута.
Ол курдук учууталларын, истиҥ ийэтин кыһамньыларынан М.К.Аммосов аатынан СГУ биология-география факультетын биология салаатыгар сүрүн экзаменнарын туйгуннук туттаран үөрэххэ киирбитэ. Тус хайысхатын булунан ис иһиттэн кыһаллан экзаменнарын, курсовойдарын, рефераттарын наар үчүгэй эбэтэр туйгун сыаналарга туттарара. Полевой практикатыгар 3 сылы быһа дойдутугар, Усуйаана улууһугар, туундара, тыа быыстаах туундара бытархай үүтүнэн иитиллээччилэрин араастарын, кинилэр аһылыктарын, иитиллэр эйгэлэрин, ахсааннарын, дьон өттүттэн туох дьайарын үөрэппитэ. Киэҥ сири тилэҕинэн тилийэ тэппитэ, уһун суолга олугун уурбута.
Манна өбүгэлэрин дойдуларыгар — Хара Уулаахха, Тумат аттыгар баар Биллээххэ, Силээннээх тыатыгар баар Хомолтукуга, муора кытыытыгар баар Дьүкээгиргэ сылдьыбыта. Баһылаан, билэн, ылынан эрэр наукатын үөрэҕэр сигэнэ, дьаныһан туран дьарыктаммыта, элбэҕи үөрэппитэ, билбитэ, суруммута. Дьоннуун алтыһан сирин-дойдутун, бар дьонун олоҕун, остуоруйатын кэҥэтэн билбитэ, үгүс баай, киэҥ билиини ылыммыта. Иитиллибит эйгэтин үөрэтэн, билэн, сурунан саҥа сайдыы таһымыгар тахсыбыта, үөрэтэ сылдьар анал наукатын дабаанын дабайар турукка тиийбитэ. Ол да иһин дипломнай үлэтин туйгуннук туттарбыта.
Киһиэхэ үөрэҕи бүтэрэн үлэһит буолуу — бу дьол биир нарын утаҕа, киһи иэйиитин өрө тута сырдык үрдэлгэ таһаарар таһыма. Семен Егорович үөрэҕин бүтэрэн дойдутугар биология, химия учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Чуораан тыаһа, оҕо күлүүтэ, оонньуута — ураты айылгы. Киһи долгуйа-долгуйа кылааска киириитэ — дьол чаҕылхай сырдык утаҕа, үйэлээх үлэ аартыгар айан суолун арахсыыта. Бараммат былааннар, кистэлэҥ ньымалар арыллар кииннэрэ.
Манна Семен Егорович ылыммыт билиитин баһылаан учуутал айар үлэтигэр төбөтүн оройунан түспүтэ, Билии баай муоратыгар оҕолору сирдии, иитэ, үөрэтэ биир сыл идэтинэн кыһалла-кыһалла үлэлээбитэ. Оттон атын санаа, туспа сорук, атын таһымҥа ыҥырыы тиийэн кэлбитэ. Ол курдук СГУ-га үөрэппит учуутала, биология билимин доктора Мордосов И.И. сүбэтинэн, ыҥырыытынан аспирантураҕа үөрэнэ киирбитэ, тэҥҥэ университет зоологияҕа түмэлин сэбиэдиссэйинэн анаммыта, биология наукатын аанын арыйбыта, студеннары үөрэтэр үрдүк үөрэх учуутала буолбута. Биология , зоология наукатын сайдыытыгар көмүс кылааты киллэрэр үлэтин саҕалаабыта.
Уонна бииртэн биир үктэллэри дабайан олоҕун дьоһуннаах суолун киэҥ аартыгын арыммыта: 1998 сыл — ассистент, 2005 сыл — СГУ зоологияҕа хаапыдыратын старшай преподавателэ, 2006 сыл — Хоту дойду прикладной экологиятын институтун прикладной зоологиятын уонна биоиндикациятын лабораториятыгар младшай научнай үлэһит, 2007 сыл — «Экология мелких млекопитающих бассейна нижнего течения р. Яны и прилегающих территорий в условиях антропогенного воздействия» тиэмэҕэ наука кандидатыгар диссэртээссийэтин көмүскээбитэ.
Бу үлэтигэр 10 сылы быһа хомуйбут матырыйаалларын туһаммыта, бу үлэтинэн өрөспүүбүлэкэтээҕи, Арассыыйатааҕы, Аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Саҥа таһымҥа дабайан учуонай аатынан киэҥ эйгэҕэ биллибитэ, 2008 сылтан СГУ научнай үлэһитэ, 2009 сыл — «Хоту дойду прикладной экологиятын институтун» ФГНУ Сэлии түмэлин үрдүкү научнай үлэһитэ. П.А. Лазарев аатынан Сэлии түмэлин лабораториятын салайааччыта.
Ситигирдик Усуйаана Хаһааччыйатын ыччата тахсар дабааннары дабайан, үрдүк ситиһиилэри ситиһэн төрөөбүт төрүт сирин таптаан, билэн, үөрэтэн аан ийэ сир үрдүгэр киэҥник биллэр учуонай буолбута, Саха сирин айылҕатын харыстыыр, кыылын-сүөлүн үөрэтэр уустук үлэҕэ ситиһиилээхтик киирбитэ. Научнай үлэни өрө тута бэйэтин бэлиэтин хаалларбыта.
Көҥдөй оҕото көппөт…
Тунаарар хаардаах туундара, талах, былах быыстаах, кыра-кыра хатыҥнардаах тыа быыһа туундара уонна сир ийэбитигэр, Сахабыт сиригэр уһук хоту дойду уонна киин сир быыһа буолан турар Верхоянскай тоҕой хайа, Дьааҥы хайыр таас хайалара кыылларын үөрэппит, айылҕаларын анаарбыт Семен Егорович наукаҕа киллэрбит көмүс кылаата, үөрэппит үөрэҕэ саха аймах сайдар аартыгар, киэҥ билии кытаҕыгар анал билии буолан үйэлэр тухары үөрэтиллэ туруо. Сиргэ кэлбит сэмэй бэлиэтэ — уолаттара: Артем уонна Альберт кини ситиспэтэҕин ситэриэхтэрэ, толорботоҕун толоруохтара. Үөрэппит, иитиспит студеннара Семен Егорович аһаҕас хаалларбыт, арыйбатах билиилэрин ситэри үөрэтэн Усуйаана сирин улуу кистэлэҥнэрин кэпсии-ипсии, ырыта-анаара туруохтара. Оттон чугас дьоннорун сүрэхтэригэр кини олоҕун сырдык түгэннэрэ баалларын тухары ахтылла туруохтара. Көҥдөй оҕото көппөт — үйэлээх үлэ сүппэт, ол курдук билии эбиллэр, олох салҕанар.
Семен Егорович олоҕун олуктарын туһунан ийэтэ Мария Семеновна
ахтыытыгар сигэнэн суруйда Попов И.И. — Байдам