Алтынньы саҥатыгар Усуйаана нэһилиэгин “Кэскил” култуура дьиэтигэр СВО-ҕа барбыт байыастары өйүүр сыаллаах атыы-эргиэн дьаарбаҥката өрө көтөҕүллүүлээхтик, сэргэхтик ыытыллыбыта. Бу тэрээһиҥҥэ нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэлэр, урбаанньыттар актыыбынай кыттыыны ылбыттара, ким уу харчынан, ким күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа ас-үөл арааһын атыылаан үп-харчы киллэрбиттэрэ. Уопсайа 44 тыһ. 420 солк. хомуйан ыыттыбыт.
Дьаарбаҥкаҕа кыттыбыт, аһымал акцияҕа харчынан көмөлөспүт үтүө санаалаах дьоммутугар, биир дойдулаахтарбытыгар барҕа махталбытын тириэрдэбит. Инникитин да маннык көхтөөх буоларгытыгар баҕарабыт, тус олоххутугар дьол-соргу тосхойдун, доруобай, этэҥҥэ буолуҥ.
Елена Барабанская