Былыргылар дьыл-хонук дииллэрэ кырдьык эбит. Мин саамай чугас доҕорум, быраатым, Усуйаана оройуонун чаҕылхай дьонноруттан биирдэстэрэ, оройуон Бочуоттаах олохтооҕо, «Усуйаана улууһун Бочуоттаах уһун үйэлээҕэ» аат иҥэриллибит, сэрии сылын оҕото Макаров Николай Николаевич ыараханнык ыалдьан олохтон туораабыта, быйыл от ыйыгар сыл аҥара буола оҕуста.
Кини Усуйаана оройуона Тумат нэһилиэгин кытары быысаһар, Бэккиэ диэн сиргэ тордоххо, 1942 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Анфиса Гаврильевна Попова-Слепцова 1903 сыл төрүөх, мин аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийэ. Эбэм ийэтинэн удьуордара былыр Усуйаана сиригэр кэлэн олохсуйбут, сахатыйбыт нууччалар. Эһэтэ улуус суруксута Иннокентий Петрович Стрижев, эбэтэ Елена Михайловна Санникова, Лээхэптэр арыыларын арыйбыт Яков Абрамович Санников /1749-1825сс./сиэнэ. Ол иһин нууччалыы ыраас хааннаах, көнө үрдүк муруннаах, сырдык харахтаах этэ. Эбэбит бастакы кэргэнэ, Тумат нэһилиэгин киһитэ Михаил Кириллович Слепцов-Бэрэшинэй, бэйэтэ элбэх бас билэр табалардаах, оччотооҕу кэм сэниэ киһитэ эбит. Кини эмиэ отутус сылларга кулаак дьаралыктанан репрессияҕа тутуллан барбыта, онон эргиллибэтэх. Биирдэ кини быраата Мэхээлэттэн, убайгын тoҕo итинник ааттаабыттарый диэбиппэр, былыр экспедицияҕа итинник ааттаах киһи кэлэ сылдьыбыт, ол саҕана төрөөбүт үһү диэн эпииэттээбитэ.
Эбэм улахан уола Иннокентий Михайлович Слепцов-Нуучча Киэскэ модьу-таҕа көрүҥнээх, куударалаах будьурҕай баттахтаах, кыайыылаах-хотуулаах хара үлэһит этэ. Маһынан даҕаны сатаан туттар уус киһи быһылааҕа. Олус тупсаҕай сыарҕа сыҥахтарын, атахтарын оҥортуура. Быһаҕы даҕаны сатаан оҥороро, тимиринэн уһанара. Биһиги oҕo эрдэхпитинэ, кини тугу үлэлиирин аттыгар кэлэн көрдөхпүтүнэ, «өссө чугастан кэлэн көрүн»,-диэтэҕинэ, убайбыт сөбүлээбэтин билэммит тэйэн биэрэрбит. Эбэм бэйэтин аатынан ааттаабыт кыыһа Ыккаан, биһиги кыра эрдэхпитинэ, кыыс оҕото кыратыгар өлбүт. Сиэнэ кыыһы бэйэтэ ииппитэ, аараастаан таптыыр буолааччы.
Быраатым Макаров Коля миигиттэн биир эрэ күнүнэн быраат этэ. 1949 сыл. иккиэн бииргэ сэттэ сааспытыгар нулевой-бэлэмнэнии кылааска үөрэнэ киирбиппит. Биһигини сир тоҥоотун, сыарҕа сырыыта саҕаламмытын кэнниттэн, убайбыт Нуучча Киэскэ Тастаахтан табанан, Усть-Яна нэһилиэгин урукку киинэ Мохоноокко бөһүөлэгэр илдьибитэ. Мин үһүс кылаастан Хаһааччыйаҕа үөрэммитим. Доҕорум Мохонноккоҕо хаалбыта. Мин киниэхэ «Бырааппар Макаров Коляҕа убайгыттан Попов Коляттан» диэн аадырыстаан үс муннуктуу суулаан сурук ыытарбын дьоннор күлэр буолаллара.
Кини үһүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, аҕата Чурапчы киһитэ Макаарап ыраах тыаҕа сылдьан ыалдьан өлбүтүн аҕалан Мохоноокоҕо көмпүттэрэ. Онтон ылата доҕорум Коля ийэтинээн биһиэхэ сылдьыбыттара. Кини аҕабын биирдэ даҕаны аатынан ыҥырбатаҕа, куруутун таайым диирэ. Иккиэн оҕо сааспыт кэрэ айылҕалаах, бастахха бараммат балыктаах Тастаахха ааспыта. Эбэм саас, харалдьык тахсаатын Тастаах таалатыгар бараахтарга, кылынан туһах оҥорон биэрэрэ.
Биһиги улаханы бултаабыт дьон быһыытынан өлөрбүт бараахтарбытын дьиэбитигэр аҕаллахпытына эбэм сүрдээҕин үөрэрэ уонна бэйэбитигэр буһаран аһатара. Сайын биһигини, оҕолору муоруоска буһар кэмигэр илдьэ сылдьара.
Доҕорум Мохоноокко начальнай оскуолатын бүтэрэн, үөрэҕин салгыы Хаһааччыйаҕа кэлбитэ уонна оскуоланы бүтэриэр диэри биһиэхэ олорбута. Дьиэбит төһө даҕаны кыратын иһин, аймахтарбыт оҕолорунаан олус элбэх буолан олорбуппут. Ол саҕана тулаайах оҕолордоох кыаммат ыалларга тастан көмө диэн интернат ый аһы бородууктанан көмө оҥороро. Саас үөрэх кэнниттэн аҕам биһигини ыла, ыттаах сыарҕатынан тыаҕа илдьэ барара. Ол саҕана, сэрии кэннинээҕи сыллар буолан, урут сэриигэ туттуллубут биэстэ эстэр бинтиэпкэни хаһан, 32 калибрдаах доруоп саалар атыыга кэлэллэрэ. Аҕам иккиэммитигэр оннук саалары атыылаһан биэрбитэ. Мин саам сомуогун кыайан тарпат этим, ол иһин аҕам быаны баайан биэрбитэ. Кини сороҕор үрдүгүнэн көтөн иһэр хаастары, мин саабынан ытан туһэртиирэ.
Тыаҕа сайынын үлэ олус элбэх буолара. Аҕам биһигини үлэ араас көрүҥэр үөрэтэрэ. Хас биирдиибитигэр тус-туспа үлэни биэртэлиирэ. Сатаабатахытына үөрэтэрэ-өйдөтөрө, сатаатахпытына үөрэрэ, астынара. Сайын хаас оҕото улаатар кэмигэр дьиэбититтэн баара-суоҕа икки көстөөх сиргэ, Дьаандаллаах үрэҕин иһинэн саарбыт хааһы бултуу тыынан барарбыт. Онно икки түөлбэни холбуур билиигэ хаастар киирдэхтэринэ биһигини, оҕолору, ыттары кытта тэҥҥэ тыаҕа таһаартыыллара. Онно хаастары хаайарбыт, ыт туппут хаастарын мунньарбыт. Дэлби сылайан, тыыны толору сара хааһы тиэйэн, сарсыарданан дьиэбитигэр кэлэрбит. Атырдьах ыйын бүтүүтэ хас даҕаны тыынан Сомондоон үрэҕинэн, уонча көс сири өксөйөн, ортотугар иккитэ хонон Хаһааччыйаҕа үөрэнэ кэлэрбит.
Николай оскуолаҕа үрдүк таһымнаахтык үөрэммитэ.Оскуола биир көрсүө-сэмэй майгылаах, туйгун бэрээдэктээх үөрэнээччитэ этэ. Үөрэнэ сылдьан комсомолга киирбитэ. Кини Хаһааччыйа орто оскуолатын 1961 сыллаахха бииргэ үөрэнэр доҕотторо Александрова Лена, 3аборовская Олимпияда, Колемов Николай, Солодников Валерий, Рожина Марина, Уварова Анна, Горохова Ирина, Потапов Вячеслав, Томская Нина буоланнар бииргэ бүтэрбиттэрэ.
Биһиги оскуоланы бүтэрэрбит саҕана ким ханна үөрэнэрин, туох үлэһит буолуон баҕарарын син кэпсэтэр этибит. Онно Николай Макаров «үрдүк үөрэх эҥин, ол туох булгуччулаах буолуоҕай, кылаабынайа үчүгэй боростуой үлэһит буолар туох куһаҕаннаах буолуой»,- диирэ диэн бииргэ үөрэммит табаарыһа Пахомова Ирина Константиновна, мин кэргэним, СӨ норуотун маастара кэпсиирэ.
Николай Макаров оскуола кэнниттэн бииргэ үөрэммит оҕолорунуун Дьокуускайга салгыы үрдүк үөрэххэ киирэргэ бэлэмнэнии кууруһун ааспыта. Ону бүтэрээтин Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта, Алтайскай кыраай Барнаул куоракка түөрт сыл сулууспалаабыта, ол быыһыгар Литваҕа биир сыл Шауляй диэн куоракка радиотелеграфист куурсун үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон Алтайга бэйэтигэр кэлэн радиостанция начальнигынан үлэлээбитэ. Эриирдээх-мускуурдаах түөрт сыллаах байыаннай сулууспатын сержант званиелаах, байыаннай-политическай кэлэмнэнии туйгуна бэлиэлээх 1965 сыл күһүнүгэр түмүктээбитэ. Кини бииргэ сулууспалаабыт доҕотторо Томскай Николай, Фейльмецгер Анатолий буолан кэлбиттэрэ. Мин ол саҕана Дьокуускайга үөрэхпин бүтэрээри сылдьарым. Быраатым миигин ыйыталаһан булан кэлбитэ. Онтон биһиги бары Майаҕа олорор эдьиийбэр Барбаараҕа тахса сылдьыбыппыт.
Николай 1965 сыл армия кэнниттэн, хас даҕаны сыл устата көрсүбэтэх тапталлаах ийэтэ олорор, төрөөбүт-үөскээбит Усуйаанатыгар кэлбитэ. Манна кэлэн кини олох оргуйар үөһүгэр төбөтүн оройунан түспүтэ. ”Усуйаана” сопхуос Усть-Янатааҕы отделениетын рабочайынан улэҕэ киирбитэ, кэлин тракторга үлэлээбитэ. Оччолорго эдэр ыччат туохха барытыгар олус көхтөөҕө. Ол курдук киэһэ аайы ыччаттар бөһүөлэк ортотунааҕы ырааһыйаҕа волейбол оонньууллара, кулуупка араас культурнай мероприятиелар буолаллара. Эдэр бөҕөтө, күүс-уох, бэйэтин лаппа кыанар киһи оччо көртөн-нартан туора хаампата. Кини манна Бүлүүтээҕи педучилище кэнниттэн иккис сылын оскуолаҕа үлэлии сылдьар, оскуоланы бииргэ үөрэнэн бүтэрбит уруккуттан таптыыр кыыһын Уварова Аннаны көрсөн ыал буолаллар. Сотору кэтэһиилээх бастакы кыыстара Валентина күн сырдыгын көрөр.
1971 сыллаахха Николай Дьокуускайга эдьиийим Евдокияҕа олорон автооскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн суоппар идэтин баһылыыр. Ол кэнниттэн Хаһааччыйаҕа көһөн олохсуйбуттара. Манна Николай «Усуйаана» сопхуос Хаһааччыйатааҕы отделениетыгар пенсияҕа тахсыар диэри үйэ чиэппэрэ кэм устата, ЗИЛ-130 (самосвал) мааркалаах, биир массыынаҕа үрдүк таһымнаахтык үлэлээн ааспыта. Кэргэнэ Анна Афанасьевна бастаан сберкассаҕа, онтон почта отделениетын операторыттан саҕалаан начальнигы солбуйааччыга тиийэ үтүө суобасстаахтык үлэлээбитэ. Үс кыыс тапталлаах күн күбэй ийэлэрэ, хас да сиэн эйэҕэс эбээлэрэ, мааны ыал далбар хотуна буолан дьоллоохтук олорон ааспыта.
Сопхуоска оччолорго үлэ күөстуу оргуйара. Ол саҕана кэлэр массыыналар кыра даҕаны хаарга батылла сылдьар, ’’передога’’ суох кылгас кузовтаах самосваллар этилэр. Ону ол диэбэккэ, суола-ииһээ суох муора кытыытынан оннооҕор Дьүкээгиргэ тиийэллэрэ. Ону таһынан ыраах учаастактартан бултаммыт балыгы, зверофермаҕа кырса аһылыгын, Арыйаантан таас чоҕy тиэйэллэрэ. Сороҕор Күндүлүн тааһыттан бултаммыт кыыл этин, Нижнеянскайтан чоҕу, араас курууһу таһаллара. Ол курдук күнү быһа айаннаан, суолга дэлби сахсыллан, сылайан, гараажка кэлэн баран аны сарсыҥҥы айаны моһоло суох сылдьарга, массыыналарын көрүнэллэрэ. Күннээҕи, суоппар түбүктээх, сылаалаах үлэтин кэнниттэн, дьиэлэрин утуйалларыгар биирдэ булаллара.
Оччолорго, сэбиэскэй кэм саҕана, дьону үлэҕэ көҕүлүүр сыалтан үлэһиттэр ортолоругар араас күрэхтэһиилэри тэрийэллэрэ. Кыайыылаахтары бочуоттаах ааттары иҥэрэллэрэ, грамоталары туттараллара. Сопхуос чулуу механизатордарыттан биирдэстэрэ Н.Н. Макаров оччотооҕу үлэҕэ ситиһии үрдэллэрин, «Коммунистическай үлэ ударнигыттан» саҕалаан, «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» акка тиийэ ааспыта.
Доҕорум дьону кытары этиспитин, боруоктаспытын мин биирдэ даҕаны көрбөтөҕүм, истибэтэҕим. Олус көнө санаалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннаах, кыраҕа-кыамакка көмөлөһө, үтүөнү эрэ оҥоро сылдьар, кэрэ дууһалаах, сырдык ыралаах киһи этэ. Былырыын атырдьах ыйыгар иккиэн, 80 сааспытын үөрэ-көтө бэлиэтээбиппит. Ол саҕана улаханнык ыалдьара соччо биллибэт этэ. Ис дууһатыгар төһөлөх ыарыыны тулуйа сыльдыбытын туох билиэ баарай. Ол кэнниттэн аҕыйах ый буолаат күн сириттэн барбыта.
Күндү доҕорум, быраатым сырдык, ыраас мөссуөнэ биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах сылдьыаҕа.
Николай КҮНДҮЛҮН