Буөтүр Мохсунуоха уочараттаах кыайыыта

Буөтүр Мохсунуоха уочараттаах кыайыыта

Бу күннэргэ “Көмүөл» кинигэ кыһатыгар биһиги биир дойдулаахпыт талааннаах суруйааччы, биллиилээх журналист, отучча кинигэ ааптара Петр Петрович Томскай-Мохсунуоха “Дьиҥнээх доҕор” диэн ааттаах, араас мүччүргэннээх түгэннэрдээх, уонча араас омук бэрэстэбиитэллэрэ бигэ, эрэллээх доҕордоһууларын уус-уран тылынан ойуулаан көрдөрөр бастакы бөдөҥ кинигэтэ бэчээттэнэн күн сырдыгын кердө.

Буөтүр Мохсунуоха уочараттаах кыайыыта

Бу 280-ча сирэйдээх, былыргы сэдэх хаартыскалардаах кинигэтэ Хоту Муустаах байҕал уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ нэлэмэн урсунуун хонноҕор-быттыгар саһан сытар муора арыыларын арыйыыга боччумнаах кылааты киллэрбит уһулуччулаах учуонай, аатырбыт айанньыт барон Эдуард Васильевич Толль уонна кини эрэллээх сирдьиттэрэ, истиҥ доҕоттор В. А Протодьяконов-Дьэргэли, Н.А. Колемов-Куртах, К.Н.Томскай уо.д.а тустарынан итэҕэтиилээхтик кэпсиир.

П.П.Томскай-Мохсунуоха 1949 сыл, Усуйаана оройуонун Дьүкээгир нэһилиэгэр булчут дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕатынан хос эһэтэ,  Бүлүүттэн төруттээх Куонньа Баһылайтан тарҕаабыт Конон Николаевич Томскай уонна ийэтинэн хос эһэтэ Николай Афанасьевич Колемов-Куртах иккиэн нуучча уһулуччулаах айанньыта барон Э.В.Толль эрэллээх сирдьиттэрэ этилэр, ол үтүөлэрин иһин Россия Наукатын Академиятын кыһыл көмус мэтээлинэн, киэргэлгэ кэтэр бочуоттаах сукуна кафтаннарынан наҕарааладаммыттара. Кинилэр бу кинигэ сүрүн геройдарын прототиптара. Дьэ, итини этэн эрдэхтэрэ төрүт уус удьуор син биир билэр, таайар дииллэрэ.

Кинигэ ааптара Петр Петрович Томскай-Мохсунуоха бэйэтэ Муустаах муора кытыытынар төрөөбүтэ, улааппыта. Бэрт эдэр сааһыттан төрөөбүт дойдутун историятын анаан-минээн, дьарык оҥостон утумнаахтык хомуйар, үөрэтэр.Онуоха араас архыып докумуоннарын уонна элбэх бэчээттэммит үлэлэри туһанар. Бэйэтэ дьону кытта сибээстэһэн, көрсуһэн ахтыыларын суруйар, туһанар. Кини бэйэтин чугас аймахтара бу кинигэҕэ кэпсэнэр үгүс событиеларга актыыбынайдык кыттыыны ылбыттара. Ол эмиэ автор айар үлэтигэр дьоһун көмөнү оҥорор. Бүөтүр Мохсунуоха Муустаах байҕалы сыттана сытар киэҥ нэлэмэн Арктика эйгэтин уратытык көрөн чинчийбитэ уонна ону архыып докумуоннарынан чиҥэтэн уустаан-ураннаан суруйбута  ааҕааччыны үөрдэр-сөхтөрөр.

Бу кинигэ сүрүн геройунан омугунан эстонец, Хотугу Муустаах байҕал арыыларыгар 1886,1893,1900 сс. үстэ киирэ сылдьыбыт. Ол сырыыларыгар туундара төрүт олохтоох сахалары, эбээннэри, дьүкээгирдэри, сахатыйбыт нууччалары кытта үгүстүк алтыспыт, бииргэ сыл геология доктора барон Эдуард Васильевич Толль буолар.

Буөтүр Мохсунуоха уочараттаах кыайыыта

Кинигэ Усуйаана историятын үөрэтээччилэргэ, өбугэлэрин хорсун-хоодуот быһыыларын интэриэһиргээччилэргэ Хотугу Муустаах байҕал кыылларын быһыыларын-майгыларын, дьикти кэрэ хатыламмат айылҕатын хатыламмат уратыларын билиэхтэрин баҕарааччыларга туһуланар.

Биһиги күндү биир дойдулаахпыт, талба талааннаах суруйааччы, биллиилээх суруналыыс, утумнаан кыраайы уөрэтээччи П.П.Томскай-Мохсунуоха бу саҥа бэчээттэнэн тахыбыт, тугунан даҕаны сыаналаммат күндү кинигэтэ күн сырдыгын көрбутүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит.

П.П. Томскай-Мохсунуоха инникитин суруйар бүрүөтэ сыппаабатыгар, тохтоло, «омурҕана” суох үлэлээн, айан, саҥа кинигэлэри өссө даҕаны бэчээттэтэн, дьонун-сэргэтин, биир дойдулаахтарын үөрдэ-көтүтэ турарыгар ис сурэхпиттэн баҕарабын.

Ааптар Усуйаана улууһун муниципальнай тэриллиитин баһылыгар Георгий Николаевич Федоровка сиэрдээхтик махтанар.

Николай КҮНДҮЛҮН, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччы, журналист, кыраайы үөрэтээччи

Читайте дальше