Балык баайдаах Дьааҥыга
Хоптолор кылбаҥныы дайаллар,
Үөрэннэр аймана ыллыыллар.
Өрүскэ көрүлүүр долгуннар
Кумахтаах кытылы кырбыыллар.
Муҥхалыыр кумахха мунньустан
Уолаттар көрдөөхтүк күлсэллэр.
Өбүгэ үгэһин тутуһан
Уот оттон алаадьы бэрсэллэр.
Күһүҥҥү күүтүүлээх күндү баай,
Сыл аайы аһатар күндүөбэй
Дьааҥыны хорсуннук өксөйөр.
Бу күһүн өлгөмнүк бултанар.
Кэрэхтээх, Арыйаан кытыла
Байылыат баайдарын бэрсэллэр.
Оҕолор, ийэлэр кыттыһан
Эһээлиин, эбээлиин кэлсэллэр.
Муҥхабыт ийэтин уолаттар
Кумахтаах кытылга соһоллор.
Уу үрдэ оргуйар балыктан
Сүүрдүнэн хаарбаска баһыллар.
Толору балыктаах хаарбаһы
Элэҥниир эрдиилэр соһоллор.
Сууйуллар ып-ыраас балыгы
Сатабыл маастардар тууһууллар.
Күнүм-дьылым ааһар, ааһар
Күһүҥҥү көмүс күннэргэ.
Санаам хоту талаһар
Балык баайдаах Дьааҥыга.
Семен Слепцов-Тумат Уола
Дьааҥы эбэ
Дьааҥы эбэ
Кэмэ кэлэн,
Кыһыҥҥы уутуттан
Уһуктан дьааһыйда,
Муус көҥөһөлөрүн
Силэйтээн, көтөҕөн
Өрүтэ уһуутаан,
Тыыллаҥнаан хайытта.
Дьэ үөһээ тыыммыттыы,
Көҥүл босхо барбыттыы
Дьалкыйа бааллырда,
Мэндээрэ уһунна.
Күөллэрдиин, үрэхтэрдиин
Биир кэлим силбэһэн,
Киэҥ байҕал кэриэтэ
Дойдубут уу буолла.
Кэрэ көстүү буолан,
Тыаһаан, харылаан,
Муустарын нарылаан,
Үрүт-үөһээ уурталаан,
Дьааҥы эбэ устунан,
Аллараа утаарда.
Бу сүдү көстүүнү
Көрөн сөҕө махтайан,
Одуулааммын тураммын,
Олус күүскэ иэйэммин,
Хоһуйаммын хоһооммор
Холбоон айан суруйдум.
***
Дьааҥы эбэ киэҥ киэлитэ,
Нэлэһийэр дьирбиитэ,
Далбар хотун кэриэтэ,
Кылбаарыйа мэндээрдэ.
Арыт тыалтан дьалкыллан,
Долгуннура бааллыран,
Уордайбыттыы охсуоланан,
Биэрэктэргэ охсуллар.
Дьааҥы эбэ туонатыгар,
Устар ааллар аргыыйдык
Өрө-аллараа усталлар,
Кэлэ-бара айанныыллар.
Оҥочонон олохтоохтор
Илим үттэн балыктыыллар,
Эбэлэрэ күндүлүүр
Эмис чыырын бултууллар.
Дьааҥы эбэлэрин хоһуйан
Таптал тылын аныыллар,
Дьэллэм ырыа айаннар
Үйэлэргэ аатырдаллар.
Куруук бу курдук дьиримнии
Уста сытаар, Дьааҥыбыт!
Ыраас, дьэҥкир сүүрүккүнэн
Кэскилбитин кэрэһэлээр!
Анастасия Милютина-Мичээрэ