Хас биирдии киһи бу Олоҥхо дойдутугар кэлэригэр кини дьылҕатын кинигэтэ суруллубутунан, олорбут күнэ страница буолан аһыллан иһэр.  Кинигэ кинигэ курдук оһуордаах-бичиктээх, уйгу-быйаҥ тыыннаах, элбэх, сороҕор аҕыйах суруктаах олохпут саҕаланан барар…

Бу ахтыы саҥа тэриллиэхтээх Григорьевтар аҕа ууһа, үрдүк Айыылар алгыстарынан уол оҕо Сэмэн уруйданан, күн сирин көрөрүгэр суолу тэлэн ыраах Усуйаана Хаһааччыйатыттан айаҥҥа туруммуппут туһунан суруйдахха маннык…

Биһиги бииргэ төрөөбүттэр тохсуобут. Аҕабыт Слепцов Семен Николаевич, ийэбит Анна Николаевна Усуйаана улууһун Хаһааччыйа бөһүөлэгин биир ытыктанар, үйэ саас тухары үлэни өрө туппут, үлэттэн дьолломмут дьон. Тоҕус оҕону барыларын үөрэттэрэн, үлэҕэ такайан, олоххо бэлэмнээн таһаарбыттара. Ол да иһин буолуо, улахан кыыстара Мария Семеновна үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, Амма Болугуругар химия, биология учууталынан анаммытыгар, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан (оччо ыраах барбаккын диэн толкуй өйгө да суоҕа) биир киэһэ биһиги дьиэ кэргэн сүбэтэ буолла. Ол ыраах «дайды» ( хоту дьоно этэллэринэн)  сиригэр кыыстарын соҕотох ыытымаары миигин доҕор гына ыытар буоллулар. Мин, ол саҕана алын кылааһы  бүтэрэн бэһис кылааска үөрэниэхтээх оҕо,  атын сири көрөөрү үөрүү бөҕө, ол саҕана барыы-кэлии да аҕыйах этэ, хаһан да айаннаабатах буолан үөрдүм аҕай.

Дьэ, атырдьах ыйын ортотуттан хомунан, хоту дойдуттан ыраах Амма оройуонугар айаҥҥа туруннубут уонна Болугурга атырдьах ыйын бүтүүтэ анаммыт сирбитигэр тиийдибит. Оо, Амма барахсан, кырдьык, ырыаҕа ылланар кэрэ айылҕалаах, ыраас уулаах, сибиэһэй салгыннаах, тыйыс тымныылаах, кумаардаах хоту дойдуттан чыҥха атын буоллаҕа…

Аммаҕа айан

Саҥа сиргэ почта үлэһитэ Тихонова Иринаҕа  дьукаах олортулар. Дьиэбит почтабытын кытта  бииргэлэһэ турара. Болугур орто оскуолатын коллектива саҥа үлэлии кэлбит эдьиийбин, миигин үөрэ-көтө көрүстүлэр.

Саҥа сир, саҥа оҕолор, саҥа оскуола — барыта саҥа көрүү-истии буолан мин өйбөр-сүрэхпэр дириҥник өтөн киирэн, дьиктитик сөҥөн хаалбыт… Ол бириэмэҕэ оскуола директорынан үлэлии олорор Пахомов Егор Егорович миигин хоту дойду кыыһа байанайдаах буолуохтааххын диэн илим көрө барарыгар мотоциклга (хаһан да олорботох тэрилбэр) олордон илдьэ барарын өйдүүбүн.

Үөрэх дьыла саҕаланан, саҥа эйгэҕэ киирэн, саҥа дьүөгэлэрдэнэн, доҕоттордонон үөрэнэн барбытым. Эдьиийим Мария Семеновна эмиэ саҥа коллективка киирэн үлэлээн барбыта.

Эдэр саас, үлэ, үөрэх, таптал… Иккис чиэппэри бүтэрбэккэ дэлби кутургуйа тахсан, климаттаан, төттөрү дойдубар барар буолбутум. Ити курдук «дайды» оҕолорун сылаас сыһыаннарын, дьоннорун олохторун укулаата, айылҕатын атына саҥа улаатан эрэр киһиэхэ элбэх билиини биэрбитэ. Эдьиийим бу оскуолаҕа үлэлиир ахсаан учуутала Григорьев Егор Михайловичтыын бэйэ-бэйэлэрин харахтыын хайҕаһан, сүрэхтиин сөбүлэһэн холбоһоллор. Егор Михайлович киһи быһыытынан олус элэккэй, көрсүө — сэмэй буолан үөрэнээччилэрэ олус сөбүлүүллэрэ. Дэриэбинэ биир бастыҥ үҥкүүһүтэ, актыбыыһа этэ.

Эдьиийим кэргэн тахсыбытын кэнниттэн Болугурга сайын хаста да кэлэн саҥа аймахтары кытта билсэн сайылаан, Аммаҕа сөтүөлээн, дьэдьэниттэн амсайан, айылҕатын алыыбын эппэр-хааммар иҥэрбитим…

Григорьевтар аҕа ууһун тэнитэн утуу-субуу икки уол Болугур сиригэр күнү көрбүттэрэ, кииннэрэ түспүтэ. Улахан уол Бүөккэ (Егор Михайлович ииппит аҕата) , кыра уол Сэмэн (эдьиийим аҕатын аата) диэн  эһэлэрин ааттарынан ааттаммыттара.    Сэмэн диэн аат былыргы еврей тылыттан төрүттээх, нууччалыы тылбааһа «услышанный Богом» диэн суолталаах. Саҥа ыал ийэлээх аҕатын алгыстаах санааларынан салайтаран эдьиийим дойдутугар тус хоту Хаһааччыйаҕа кэлэн олохсуйбуттара.

Эдэр Григорьевтар  дьиэ кэргэни төрөөбүт түөлбэтэ уруйдаан-айхаллаан көрсүбүтэ, салгыы дьылҕаларын кинигэтэ араас оһуорунан-бичигинэн өҥнөнөн, уйгу-быйаҥ тыыннанан барбыта. Айылҕа араас көстүүтүн, дьиктитин, кистэлэҥин  кэрэхсээн, түҥ үйэ кистэлэҥин тобуллаҕас толкуйунан тобулан, Сэмэн уол үөрэх-билии суолун сомсон барбыта. Олохтоох кырдьаҕастар киэҥ билиилэрин, сатабылларын иҥэринэн, орто дойду оһуордаах олоҕор уол оҕо буолан уһаарыллан тахсар. Ол курдук, биһиги оҕобут Сэмэнчик эрчимнээхтик үрдэллэри дабайан, сайдар суолга үктэнэн, аспирантураҕа үөрэнэн, зоология түмэлигэр сэбиэдиссэйдээн, наука түгэҕэ биллибэт айанын суолугар аартыгы арыйан, биология, зоология наукатын сайдыытыгар көмүс (сүҥкэн) кылаатын киллэрбитэ. Саха сирин айылҕатын харыстыыр, кыылын-сүөлүн үөрэтэр уустук үлэни кыайа туппута. Научнай үлэ ыллыгын дьоһуннук тэлэн, бэйэтин ураты суолун-ииһин хаалларбыта.

Киһи барахсан бу дойдуга кэлэн да барара кэмнээх, олох да олороро болдьохтоох… Бу курдук оҕобут Сэмэнчик дьылҕатын кинигэтэ кылгас, ол эрээри оһуора-бичигэ көмүстүү күлүмнээн, солотуу өҥүнэн оонньоон, сир ньуурун бүрүйэ тэлгэннэ…

Ол эрэн өбүгэлэр ситимнэрэ быстыа суохтаах, кини олоҕун кинигэтин, уус-уран оһуорун оҕолоро Артем, Альберт салгыахтара уонна Григорьевтар ааттарын ааттатыахтара. Олох салҕанар, утум удьуор ууһуур-тэнийэр.

 Анна Пудова (Слепцова), Одьулуун орто оскуолатын

алын кылааһын учуутала, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна

***

Мин Семенныын студенныы сылдьан билсибитим. Төһө да аймахтыы буолларбыт, атын-атын улуустарга олорор буолан улаханык билсибэт этибит. Убайдардаахпын, эдьиийдээхпин диэн истэр эрэ этим. Семены учуонайын, ЯГУга үлэлиирин билэрим. Кинини кытта бастакы билсиһиибититтэн элэккэй, кэпсэтинньэҥ, ханнык баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтэр кыахтаах, дириҥ билиилээх киһитин билбитим. Көрүстэҕинэ үөрэ-көтө кэпсэтэрин, ыалдьыттыы кэлээриҥ диэн ыҥырарын өйдүүбүн.

Кини миэхэ биирдэ улаханнык көмөлөһөн турардаах. Үөрэхпин бүтэрээри, дипломнай үлэ тиэмэтин көрдүү сылдьар кэммэр, мин бу чинчийбит үлэбин ситэрэн биэр диэн суруйбут үлэтин биэрбитэ. Тиэмэбит аата «Спецпереселенцы Усть-Янского района в 40-50 годы XX века» диэн этэ. Бэйэтэ Лаптевтар муораларын кытыытыгар хаалбыт спецпересленецтар олорбут сирдэрин-уоттарын көрөн-үөрэтэн, МВД архивыттан элбэх немецтэр, латыштар личнэй дьыалаларын булан, үөрэтэн,  баай матырыйаалы муспут этэ. Семен Егорович  чинчийиитэ мин дипломнай үлэм суолдьут сулуһа буолбута. Сэрэйиллэрин курдук, үлэм туйгуннук сыаналаммыта, убайым хамыыһыйа хайҕабылын ылбыта. Кини көмөтө олоҕум биир тургутуутун туоруурбар улахан төһүү  күүс буолбута. Ол онно убаастыыр убайбар олус махталлаахпын. Үөрэхпин бүтэрэн история учууталынан билиҥҥэ диэри үлэлээн кэллим.

Ытыктыыр киһибит эмискэ суох буолбутун истэн наһаа соһуйбуппут, биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар наар үөрэ-көтө сылдьар сырдык мөссүөнэ хаалыаҕа.  Уолаттара аҕаларын аатын ааттатар үтүө-мааны дьон буолуохтара диэн эрэнэбит.  

Прасковья Семенова (Пудова)

Читайте дальше