Ахтабыт, саныыбыт, суохтуубут…

Ахтабыт, саныыбыт, суохтуубут…

Таптыыр кэргэним, күндү амарах аҕабыт, эйэҕэс эһээбит, Усуйаана улууһун Тумат нэһилиэгин олохтооҕо Слепцов Сергей Степанович соһуччу, хомолтолоохтук күн сириттэн барбыта ыам ыйын 21 күнүгэр номнуо 40 хонуга туолла.

Сергей Степанович 1946 сыллаахха атырдьах ыйын 1 күнүгэр Булуҥ оройуонун Бороҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүө этилэр. Оҕо сааһыттан тыаҕа сылдьарын, бултуурун сөбүлүүрэ. Баяҥҥа, балалайкаҕа оонньуура, кэнсиэртэргэ кыттара. Ол курдук, эдэр ыччаттар атын оройуон нэһилиэктэрин кэрийэн кэнсиэр көрдөрөр кэмнэрин саҕана, Усуйаана оройуонун Тумат нэһилиэгэр  аан бастакытын кэлбитэ.

1970 сыллаахха Тумат нэһилиэгиттэн төрүттээх кыыһы кэргэн ылбыта. Ол кэннэ Тумакка олохсуйуоҕуттан, бастаан таба иитиитигэр үлэлээбитэ, кэлин кыыл табаны бултуура, балыктыыра. Үлэлээбит кэмнэрин, күнү-дьылы барытын күннээҕи тэтэрээтигэр тиһэн, сурунан иһэрэ.

Тапталлаах кэргэнинээн Мотрена Федотовналыын 53 сыл бииргэ дьоллоохтук олорбуттара. Усуйаана оройуонун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ. 3 кыыс, 2 уол тапталлаах амарах аҕата, 10 сиэн, 8 хос сиэн эйэҕэс эһээтэ этэ.

1999 сылтан Севернай бөһүөлэгэр туспа хаһаайыстыба тэринэн, чааһынай дьиэ-уот туттан олорбуттара. 2021 сыллаахха күһүн 50 сыллаах көмүс сыбаайбаларын чугас аймахтарын, доҕотторун, оҕолорун кытта  бэлиэтээбиттэрэ. Ааһан иһэр айанньыттар бары тохтоон, хонон-өрөөн ааһаллара. Үгэс быһыытынан, саас ахсын оҕолоро, сиэннэрэ мустан куруук бииргэ буоларбытыттан ордук олус үөрэрэ.

Тапталлаах аҕабыт олус сэмэй, чиэһинэй, холку, элэккэй майгылаах этэ. Кини хаһан да кыыһырбытын көрбөтөхпүт, куруук үөрэ-көтө сылдьара.

Күндүтүк саныыр киһибит олорон ааспыт олоҕо оҕолоругар, сиэннэригэр мэлдьи холобур буолуоҕа. Аҕабыт сырдык мөссүөнүн хаһан да умнуохпут суоҕа. Тапталлаах аҕабыт, эһээбит, биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннааххын, эйигин өрүү ахтабыт, суохтуубут…

Кэргэнэ, кыргыттара, уолаттара, күтүөттэрэ, кийииттэрэ, сиэннэрэ, чугас аймахтара

 

Махтанабыт

Күндү аҕабытын Слепцов Сергей Степановиһы иккис төрөөбүт дойду оҥостон олорбут сиригэр-уотугар тиэрдэн, тиһэх суолугар атаарар ыарахан кэммитигэр күүс-көмө буолбут күндү биир дойдулаахтарбытыгар Филиппов Виктор Михайловичка, убайбытыгар Филиппов Сергей Кимовичка, Болтунова Галина Сидоровнаҕа, Тумаппыт нэһилиэгин олохтоохторугар, чугас аймахтарбытыгар, доҕотторбутугар улахан махталбытын тиэрдэбит!
Эһиги үтүө санааҕыт, күүстээх көмөҕут сүүс төгүл үтүөнэн эргийэн кэлэ туруохтун! Баҕарабыт күөх халлааны, кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу!

Кэргэнэ, оҕолоро, чугас аймахтара

Читайте дальше