Ырыа алыптаах “Аартык” ансаамбыл олохтоох мелодист, автор П.И. Слепцов суруйан, мелодиялаан хаалларбыт “Аартык” диэн ырыа аатынан 2013 с. сүрэхтэммитэ. Ансаамбылбыт уус-уран салайааччытынан Усуйаанабыт төрүт олохтооҕо, чуор куоластаах А.Е. Барабанскаяны талбыппыт.
2013 с. муус устар 10-12 к. аан бастакынан “Дьүкээбил суһумун анныгар” фестиваль-күрэххэ Хаһааччыйа бөһүөлэгэр тиийэн көхтөөх кыттыыны ылбыппыт. Квартет, трио, дуэт, соло ырыаларын толорон, дьон махталын ылан, үөрэн-көтөн кэлбиппит.
2016 с. “Мелодии Арктики” куонкуруска кыттыбыппыт.
2020 с. республикатааҕы “Күн мичээрэ” кэтэхтэн күрэххэ кыттыыны ылбыппыт. Туох баар тэрээһиннэргэ, бөһүөлэк, улуус күрэхтэригэр, кэнсиэртэригэр көхтөөх кыттыыны ылабыт. Ити курдук “Аартык” ансаамбыл күн бүгүнүгэр дылы ыллыы-туойа сылдьар.
Аартык
П.И. Слепцов тыла, мелодията
Дьөрү туйгун уолаттар,
Намчы-намыын кыргыттар,
Бары бииргэ мунньустан
Ырыабытын ыллыаҕыҥ.
Хос ырыата:
Аартык, аартык,
Эдэр сааспыт, эдэр сааспыт,
Аартык, аартык,
Арахсыспат аргыспыт.
Итии, тымныы күргүөм үлэ
Биһигини күүтэллэр,
Ырыа-тойук сулустардыы
Суолбутугар тыгаллар.
Хос ырыата
Ыраах, ыраах суоллары
Ырыа гынан туойуохзпут
Бары бииргэ тэҥҥэ хааман
Олохпутун тутуохпут.
Хос ырыата
1980 с.