Эр киһи ыал буолан, аал уоту оттунан ыал аҕатын үрдүк аатын сүгэр. Дьиэ-кэргэн нус-хас олоҕо уонна олоҕун уйгута, оҕолору иитии ийэттэн эрэ буолбакка, аҕаттан эмиэ тутулуктаах. Аҕа тус холобура, кини ийэҕэ ытыктабыллаах сыһыана, төрөппүт эппиэтинэһин толоруу оҕону общество дьоһун гражданинын быһыытынан бэлэмнээһиҥҥэ улахан суолталаах.
Киэҥ көҕүстээх, дурда-хахха буолар, эркин курдук эрэнэр дьоммут билиҥҥи бутуурдаах олохпутугар эһиги ыллыктаах тылгыт-өскүт, олоҕу анаарыыгыт кэлэр кэнчээри ыччаты иитиигэ сүрүн күүс буолар. Аҕаларбыт, эһэлэрбит Улуу Кыайыыны уһансыбыт олохторун үтүө холобурунан аҕа уолаттары киһи уонна Аҕа дойдуну көмүскээччи быһыытынан иитиигэ, кинилэргэ дьиҥнээх эр киһи хаачыстыбатын иҥэриигэ ордук наадалаах.
Ытыктабыллаах аҕалар! Уйаандьы ситэтэ суох орто оскуолатын коллективын аатыттан Аҕа күнүнэн эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиини, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну!
Аҕалар күннэригэр аналлаах көхтөөх «Аҕалыын бииргэ!» квест-оонньууну физкультура учуутала Ольга Андреевна Иванова тэрийэн ыытта. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор бөлөхтөрүн уонна үөрэнээччилэрбит аҕалара бука бары кэлэн оҕолорун кытта 3 бөлөххө арахсан 7 түһүмэҕинэн астына-дуоһуйа оонньоотулар, көхтөөхтүк кытыннылар. Үөрэн-көтөн, күннээҕи түбүктэрин умнан, аралдьыйан тарҕастылар.
Альбина Колесова, алын сүһүөх учуутала